ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тосхол

аат тыл

Нууччалыы направление движения

1 аат тыл #

Ким эрэ баран иһэр хайысхата

Нууччалыы Направление движения

  • Кини киэҥ тайҕа оҕото, сүрэҕинэн таайан, хараҕынан сабаҕалаан, туһаайбыт тосхолун эндэппэт эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Коля эккирэтээччилэр тосхоллорун муннарар наадаттан, тосту эргиллэр
    Эрилик Эристиин

2 аат тыл #

Туохха эмэ дьулуһар сорук, туруоруллар хайысха

Нууччалыы Поставленная цель, направление

  • Ааспыты үгэс оҥостон туран, инникини болҕомтолоохтук көрүнүү биһиги билиҥҥи тосхолбут буолар.
    А. Олбинскай
  • [Испэктээк иккис чааһыгар] П. А. Ойуунускай "Сүүс сыллаах улуу былаан" диэн кэпсээнэ сүрүннүүр тосхолу ылар
    Кыым

«Т» буукуба