ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоһоҕос

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы остаток от чего-л., окурок, огарок, обрубок чего-л

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Туох эмэ ордуга (хол., тобоҕо, быстаҕа, төрдүгэһэ)

Нууччалыы Остаток от чего-л., окурок, огарок, обрубок чего-л

  • Сыылба Дьаакып дьиэттэн үөттүрэх тоһоҕоһун таһаарда.
    А. Софронов
  • Остуолга чүмэчи тоһоҕоһо умайа турар.
    Күндэ
  • [Москуба метротугар] бөппүрүөскэ тоһоҕоһо да сытарын көрбөккүн.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Лөкөй -- атын кутуругар холбообут быатын тоһоҕоһун сүөрэн, икки быа төбөтүн ыйылыннары тардан салҕаан кэбистэ
    Тумарча

2 даҕааһын #

суолт. Ордон хаалбыт, быһаҕас

Нууччалыы Сохранившийся частично, обломившийся, неполный

  • Бэйэҥ тоһоҕос омуккун -- түһүүнэн-тардыынан ааһа мүккүттэримэ.
    Болот Боотур
  • Чыычаах тэйиччи тоһоҕос маска олорон, кыҥнах-иҥнэх гына-гына, чуопчаарда. Софр. Данилов. Акаары оҕону уолгунаан буулааҥҥыт, тоһоҕос дьоллоотугут
    Э. Соколов

3 этии #

Этиилэр

Быар быһаҕас, тиис (түөс) тоһоҕос көр быар

  • Күүһэ суох киһини тиис тоһоҕос, быар быһаҕас диэн ааттыыллар. АЛА СБ. Сарсыҥҥы күммүтүгэр диэри былаҕайга былдьатыма, дэлэгэйгэ диэлитимэ, тойон эһэм! Киин бүтэйдээх, быар быһаҕастаах, түөс тоһоҕостоох барахсаттар буолабыт.
    ХИА КОВО

4 этии #

Нууччалыы Маленькая конусообразная юрта. [Лоокуут:] Бу толооҥҥо мин Тоһоҕос балаҕан Туттаары гынабын

  • Тоһоҕос балаҕан - кыра хороҕор балаҕан
    Суорун Омоллоон
  • Тоһоҕос лииньийэ мат. - көнө лииньийэлэр биир кэлимсэтэ суохтук муннуктуу холбоммуттара. Θ Ломаная линия. Тоһоҕос лииньийэлэр аҕыс-сүүрбэ милимиэтир уһуннаахтар. ННС ЧАа. Тоһоҕос от эргэр. - 1) кыра кэбиһиилээх от. Θ Маленький стог. Үс былас түөс аҥаара куохаҕар моойдоох, тоһоҕос от саҕа бастаах, икки чаан олгуй саҕа харахтаах -- хардааччы кыыл буолан сайа көтөн таҕыста. ПЭК ОНЛЯ I. Кыыс Ньургун Үс өрүөллээх Үрүҥ көмүс сэргэтигэр Тоһоҕос от быһаҕаһын саҕа Түөллэс гына түстэ. Эрилик Эристиин; 2) төгүрүк уһуктаах төбөлөөх, кэбиһиилээх от. Θ Круглый островерхий стог сена; 3) түөлбэ. Сүүрбэччэ сүөһү кыстыыр улахан от. Θ Стог сена на двадцать голов скота зимнего содержания. Икки сиргэ икки тоһоҕос от турар. ПЭК СЯЯ. Тоһоҕос саа - сарбыллыбыт уостаах саа. Θ Обрез. Кулаактар биһигини тоһоҕос саанан ытыалыыллара.
    А. Фадеев
  • Тоһоҕос тордох - кыра тирии ураһа. Θ Маленькая ураса из ровдуги. Чугаһынан биир тоһоҕос тордохтоох ыал суох.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Тоһоҕос уулусса - кылгас муҥур уулусса. Θ Переулок. [Кырыыньыкы] икки киэҥ көбүс-көнө кириэстии уулуссалаах, олортон тахсар уонча тоһоҕос уулуссалаах.
    ХС
  • Ср. тюрк. тос ʻразломаться на мелкие частиʼ

«Т» буукуба