ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоһуй

туохтуур

Нууччалыы поджидать, встречать кого-чего-л.; выйти навстречу к кому- чему-л

English ambush

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ кэтээ, көрүс, кимиэхэ, туохха эмэ утары таҕыс

Нууччалыы Поджидать, встречать кого-чего-л.; выйти навстречу к кому- чему-л

  • Сорох ардыгар -- кэлэр суолбар тоһуйан, сэрбэйэн турар идэлэннэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Хоту кыраай дойду Хомоҕой тыллаах хоһоонньуттарын Соҕуруу киэҥ дойдулар Суруйааччылара тоһуйдулар.
    Н. Степанов
  • Эмискэ тумустан үс тыылаах киһи күөрэс гына түспүттэрэ уонна биһигини тоһуйа турбуттара
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ утары тут, хайыс, көмүскэн (хол., көмүскэнээри, көрөөрү, куттараары)

Нууччалыы Выставлять, подставлять что-л. (напр., лицо, ёмкость под дождевую воду)

  • Бөҕө сирин соруйан тоһуйан биэрэр буоллаҕа дии.
    Амма Аччыгыйа
  • Кытаран хаалбыт сирэйин тоһуйан олорон: "Тойоттор, Кузьма Петрович", - диир.
    Н. Якутскай
  • Үчүгэйкээн самыыр ибиирэригэр, Үөрэммин, тоһуйдум иһиппин
    Күннүк Уурастыырап

3 туохтуур #

Кими, тугу эмэ (хол., сэриилэһэр дьону, кыылы, көтөрү) өлөрөөрү саһан кэтээ

Нууччалыы Быть в засаде (напр., на противника, дичь, зверей)

  • Кыыл өрүһү туоруур сиригэр тоһуйан бултууру тиигээнниир диэн ааттыыллар.
    Далан
  • Бандьыыттар Эрнест Георгиевич Светец кыһыл этэрээтин аара суолга тоһуйан олоччу кырган кэбиспиттэрэ.
    Н. Заболоцкай
  • Ол бириэмэҕэ биһиги кыра оҕолор өлөҥҥө, талах төрдүгэр олорон, көтөрдөрү тоһуйарбыт
    Т. Сметанин

4 этии #

Нууччалыы соотв. брать в штыки, сопротивляться. [Манчаары:] Кулубалары утары -- Муос тоһуйар Күннэрим эмиэ эргийдэ

  • Муоскун тоһуй - кимиэхэ, туохха эмэ кырыктан, утарылас
    В. Протодьяконов
  • Туора сиртэн кэлбит киһиэхэ, кэйиик ынахтыы, муоспутун тоһуйан ылабыт.
    М. Доҕордуурап
  • Бороҕон Дьуоттулар түмсэллэрэ буоллар, күүһү көрдөрүөххэ, муоһу тоһуйуохха сөп этэ. "Чолбон". Ытыскын тоһуй - умналаа. Θ Просить подаяние (букв. подставить свою ладонь). [Мундарбек] аан кэннигэр сыста туран, -- ытыһын тоһуйар да, дьон кырыы харахтарынан кынчайан да көрбөттөр.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • Ыаллартан киирэн, ытыһын тоһуйан аһыырын истэннэр, уолу булан ылбыттара.
    У. Нуолур
  • Үгүс дьон -- судаарыстыбаҕа эрдэттэн ытыстарын тоһуйбутунан бараллар.
    П. Егоров
  • Ср. др. -тюрк. туш ʻвстречатьсяʼ, кирг. тоз ʻпреграждать путь; ждать, ожидатьʼ, алт. тос ʻподкарауливать, задерживатьʼ

«Т» буукуба