ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоһуур

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы засада.

English ambush

1 аат тыл #

Булду эбэтэр өстөөҕү кэлэр суолугар ытаары эрдэттэн оҥостон тоһуйуу, кэтэһии

Нууччалыы Засада. Тоһуурга иҥнэ биэрэн, туора ыстаннардылар. Амма Аччыгыйа. Николай Николаевиһы, үгэһинэн, тоһуурга туруорбуттар. С. Тарасов. Өрүс туорааһыныгар тоһуур оҥороллоро уонна сүүһүнэн кыыл табаны сиһиктииллэрэ. И. Данилов. // Муҥха ийэтин балык күрэтиллэр сиригэр туруоруу. Установление мотни невода в том месте, куда загоняют рыбу. Муҥхаһыттар күөл арҕаа баһыгар тоһуур оҥордулар

2 аат тыл #

Кийиити, түҥүрү-ходоҕойу, кийиити кытта айаннаан кэлбит дьону көрсөр сир

Нууччалыы Место встречи невестки, её поезда, свахи. [Мойуос кинээс] Түөрт уон түһүмэх сэргэтигэр Түҥүр-ходоҕой тоһууругар Оруолдьут дьоннору туруорда

  • Саха нар. той. IV
  • Хас иннигин быһыттыыр Томтор, хайа – Хааны аҕаан быһаттыыр Тоһуур айа.
    А. Абаҕыыныскай
  • Оҕонньор, тоҕус уон тоһуур тэриллээх буолан, хабдьылары бултаһар эбит. Эвен фольк. Булчут хапкааны -- курупааскы түүтүнэн табыгынатан бүрүйдэ. Ити аата тоһуур хапкаан иитилиннэ. А. Кривошапкин (тылб.)
Өссө холобурдар (2)
  • Тоһуйарга, хаххаланарга аналлаах (куйах). Θ Предназначенный для защиты (о воинском щите). [Анньыһар Боотур:] Тойонуом, уоскуй, Эн тоһуур куйахтарыҥ, Охсор батастарыҥ аттыгар баар буолбаппыан?
    И. Гоголев
  • Ср. алт. тоҕу ʻкараул, охранаʼ, алт. тоҕу ʻперехватывание по пути, задержаниеʼ

3 даҕааһын #

суолт. Тугу эмэ бултаары тоһуйа иитиллэр (хапкаан, айа)

Нууччалыы Установленный с целью охоты на кого-л. (капкан, самострел)

«Т» буукуба