Перевод с якутского
тумара
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы густой туман
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Хойуу туман
Нууччалыы Густой туман
Туундараҕа тоҥмокко, Тумараҕа муммакка Толон саҕа бэйэкэм Туналыйан истэҕим... Л. Попов Күһүн, киэһэ аайы киэҥ Туймааданы Күдээрэр, сөрүүн тумара Саба бүрүйэн нуктатар. С. Васильев Туундара, туундара... Мин тулам – тумара, Эргиччи маҥан хаар, Эҥсиллэр киэҥ куйаар И. Федосеев
2 даҕааһын #
суолт. Хойуу туманнаах
Нууччалыы Имеющий густой туман, туманный
Аан дайдытын иччитэ Тумара халлаан иччитэ Суодайа хара Ууска уһааттарбыта. Д. Говоров Бу түгэҥҥэ тумара салгыны хайа солоон, арҕааттан бырысыап соһуулаах икки "ЗИЛ" массыына ыардык ньирилээн иһэр ХС
3 аат тыл #
Тайҕа ортотугар талахтаах киэҥ маар сир
Нууччалыы Болотистое место в тайге, поросшее кустарником, марь
Тула киэҥ, хараҕыҥ дала ылбат күөх талахтаах, сэппэрээктээх тумара киэбэ-киэлитэ биллибэккэ, -- биир кэм, бара турара. А. Сыромятникова Күн тахсан, туман улам дьайҕаран, -- киһи-сүөһү кыайан сылдьыбат тумараларын маардара көһүннүлэр. Индия кэпс. Туруйалар тумараларыгар эрдэ кэллэхтэринэ, саас эрдэ кэлэр Чолбон
4 даҕааһын #
суолт. Бөдөҥ маһа суох, талахтаах, бадарааннаах
Нууччалыы Безлесный, тальниковый, болотистый
Биһиги -- тумара тукулаан сирдэрбитин уҥуордаан тимир суол тиҥинээн кэлиэ диэн түһээн да баттаппатахпыт. Хорсуттар с. [Туундараҕа] харах ыларын тухары тула өттүҥ тумара толоон Кыым
5 этии #
Этиилэр
Тумара маар көр маар
Куталаах тумара маар эҥэлдьийдэ. И. Гоголев