Перевод с якутского
тунал
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы белизна чего-л.
English shining white
1 аат тыл #
поэз. Туох эмэ маҥхайыыта, тунаарыыта (хол., айылҕа көстүүтэ)
Нууччалыы Белизна чего-л. (напр., природного явления)
Халлаан кэрэтэ, тоҥ былыт тунала, Ый сырдыгын ырааһа манна баар. Л. Попов Сыгынньах атаҕым бөҕүөрэн, үөр чыычаах уһуктуор диэритин Сааскы түүн туналын бүрүнэн өһөстүк кэспитим от сиигин. И. Гоголев Чохоон курдук ый тахсан, Тунал дуйдуур сыа хаары М. Тимофеев
2 даҕааһын #
суолт. Маҥан, үрүҥ буолан, туртайан көстөр
Нууччалыы Отливающий белизной
Күндэли алаас үрдүнэн – үрдүк, тунал халлаан. Л. Попов Чуумпурбут мин түүҥҥү куоратым үрдүнэн Тунал ый уһунна тыаһа суох эрдинэн. М. Хара Тула өттүҥ тунал хаар, халлаан эмиэ хаар өҥүнүү сып-сырдык С. Дадаскинов
3 этии #
Нууччалыы Белый-белый, ослепительно белый
Этиилэр
Тунал маҥан
олус сырдык, сыдьаайан көстөр, эриэнэ-эгэлгэтэ суох үп-үрүҥ Тунал маҥан хайалар Тунаарыһан тураллар.
Хайаттан саамай үрдүгэр Хаар баар буоларын умнума. Онон хата киэн туттуохха Тунал маҥан баттаҕынан, Үрдээһин бэлиэтэ диэххэ, Баттах маҥан буоллаҕына. И. Эртюков
Тунал ыһыах
тунах ыһыах диэн курдук (көр тунах).
Тунал ыһыах туругурда, күндүл ыһыах күөрэйдэ. Т. Сметанин Ср. бур. тонол ‘блеск; блик’