Перевод с якутского
туорааһын
аат
Нууччалыы отход от обычаев, порядка, правил, принятого решения
1 аат #
Олохсуйбут үгэһи, бэрээдэги, быраабыланы кэһии, ылыныллыбыт быһаарыыттан тэйии
Нууччалыы Отход от обычаев, порядка, правил, принятого решения
туораа 2 диэнтэн хай. аата. Олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах (өс хоһ.). Кини өйүгэр ордук Одер туорааһынын суоһа-суодала сүппэттик иҥмит. С. Васильев Сотору-сотору аата-ахсаана биллибэт үрэхтэр туорааһыннара, бадарааннар, дабааннар, тыалар кэллэр-кэлэн иһэллэр. А. Бэрияк Ыалдьыттааһын суруллубатах сокуонуттан туорааһын улаханнык сэмэлэнэр. Эрчимэн. Киһи олоҕо -- көнөтүк баран испэт, өрүү токурдаах-мокурдаах, арыт адьаһын туорааһыннаах буолар эбит. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Биллэн турар, ити көрдөрүүттэн кыра туорааһын баар буолуон сөп. Дьиэ к
2 аат #
Сүрүн тиэмэттэн атыҥҥа халыйыы, аралдьыйыы
Нууччалыы Отклонение от основной темы, отступление
Ыйытыы чуолкай, судургу, кылгас, -- лирическэй туорааһына суох буолуохтаах. СОТТҮө. Билии-көрүү диэн – уһун, уустук процесс, онно мунуу даҕаны, дьиҥ кырдьыктан туорааһын да баар буолар ДИМ