ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

турук

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы статус; состояние; государство

English status, condition, state

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы статус; состояние; государство

English status, condition, state

  • экономика туруга
    состояние экономикиthe state of the economy
  • доруобуйа туруга
    состояние здоровьяone's medical state

2 аат тыл #

Ким, туох эмэ хайдах балаһыанньалааҕа, быһыыта-майгыта

Нууччалыы Состояние, положение, внешние и внутренние обстоятельства, в которых находится кто-что-л., обстановка

  • Мантан инньэ күн-дьыл туругун араадьыйанан этэллэрин кэтээбит киһи, көтөр сырыытын эндэппэккэ билиэ эбит.
    Далан
  • Олохтоох орто оскуолаҕа иитэр үлэ туругун бэрэбиэркэлээн, бэйэлэрин мунньахтарыгар көрбүттэрэ. "Кыым". Быһыт туруга олус бэрт.
    Эрилик Эристиин
  • Сылгылары туруктарыттан көрөн, быһа түһэрбэккэ аһатыыга киллэрэн иһиэххэ наада
    В. Протодьяконов

3 аат тыл #

Киһи эт-хаан, өй-санаа өттүнэн билгэтэ, чинчитэ, настарыанньата

Нууччалыы Состояние физ ических и душевных сил человека

  • Ыарыһах туруга мөлтөх.
  • Сэмэн атаакаҕа киллэртээн иһэр байыастарын туруктарын билээри, икки өттүнэн сэлэлии киирэн иһэр дьонун сирэйдэрин көрүтэлээтэ.
    Н. Якутскай
  • Киһи айылгыта кини өй-санаа өттүнээҕи туругар сабыдыаллыа суохтаах.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Василий Иванович балыыһаҕа сылдьан ааспытын, доҕорун туруга үчүгэйин туһунан күө-дьаа кэпсиир
    И. Егоров

4 аат тыл #

Туох эмэ хайдах-туох көрүҥнээҕэ (убаҕас эбэтэр кытаанах), төһө хойуута, сыстаҥнаһа о. д. а. физ ическэй хаачыстыбата

Нууччалыы Физическое состояние, свойство вещества

  • Бэссэстибэ кытаанах туруктан убаҕас турукка киириитин ууллуу диэн ааттанар
    Ф-7

5 даҕааһын #

суолт. туруу 1 диэн курдук. Кырасыабай кыргыттары Кыталыкка тэҥнииллэр, Турук кулан уолаттары Туруйанан туойаллар. И. Чаҕылҕан. Ыраах, быстарыктаах сиргэ мээнэ киһи барбат. Холкуос турук үлэһитэ тахсара. "ХС".

Этиилэр

Дьиэ кэргэн турук үлэһитэ

Маарыйа.

  • ВМ УС
    С. Ср
  • узб. турух ‘положение, состояние, момент; форма, вид’, казах. түрык ‘фигура (человека)’, каракалп. турык ‘корпус (туловище)’

«Т» буукуба