ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туттун

туохтуур

Нууччалыы удержать себя от какого-л. действия, воздержаться. [Айаан] Никитаны көрдүү ыстаныан, Катяны соҕотохтуу быраҕарыттан туттуммута

1 #

Тугу эмэ оҥоруоххун саарбахтаан оҥорума, саараҥнаа, буолунума

Нууччалыы Удержать себя от какого-л. действия, воздержаться. [Айаан] Никитаны көрдүү ыстаныан, Катяны соҕотохтуу быраҕарыттан туттуммута

  • Дьэ, эйигин баҕас үөҕэрбиттэн туттунуо суохпун! Софр. Данилов. Онон Сокольников олоҕун охсүһүүга биэрэртэн туттунара
    И. Федосеев

2 #

Куоластааһыҥҥа хайа да өттүгэр куоласкын биэримэ

Нууччалыы Не голосовать ни "за", ни "против", воздержаться

3 #

Санааҕын, иэйиигин таскар таһаараргын кыатан; бэйэҕин кыана сатаа

Нууччалыы Удержать себя от проявления какого-л. чувства; сдержать эмоции

  • Воинов туттуна сатыы-сатыы ынчыктыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүөкүлэ [ийэлэрэ өлөн] ыксыыр, туттуна сатыыр.
    С. Ефремов
  • [Силиэдэбэтэл] кыыһырдаҕына салгыы силиэстийэни ыытар кыаҕа суох буолара, онон туох баар күүһүн киллэрэн туттунан олордо
    М. Попов

«Т» буукуба