Перевод с якутского
тутулун
туохтуур
Нууччалыы задержаться по какой-л. причине, запоздать
1 туохтуур #
ан эмэ тутулуктанан тардылын, үһаа-кэҥээ, өр буол
Нууччалыы Задержаться по какой-л. причине, запоздать
Инженер киһи үлэтигэр тутулуннаҕа эбээт. Л. Попов Айан дьоно өр тутуллуохтара дуо, били үрэхтэрин баһынан ыһыктарын, сааларын сүгэн, -- Дьугдьуур хайаны дабайан иһэллэр. Н. Павлов Олус ардахтаах саас дьэһимиэн, сэлиэһинэй бөлкөйдөнүүтэ сүүрбэ түөрт хонукка диэри тутуллар ЛИК СОТ
2 туохтуур #
Кимтэн, туохтан эмэ тутулуктаах буол
Нууччалыы Быть, становиться зависимым, зависеть от кого-чего-л
Имэҥинэн туоллахха, Илбиһирэн турдахха, Киһи тугу кыайбат буолуой, Кимтэн-туохтан тутуллуой?! Күннүк Уурастыырап Бу ыбыччы көрбүт харахтаах киһи [Сипсики] орто дойду хоптон тутуллан турарын курдук саныыра Л. Попов тут I диэнтэн атын. түһ. [Бадин:] Бар эт, ол тутуллубут киһини миэхэ аҕаллыннар. С. Ефремов
Өссө холобурдар (6)
Улууска кулубалар, нэһилиэккэ кинээстэр баһылыктаан олороллорун саҕана кыра киһи ыт курдук тутуллан, саба баттанан олорбута. Эрилик Эристиин Киһитин оронугар түүрэ тутуллубут утуйар таҥас эрэ сытар. С. Никифоров Сотору-сотору төлөпүөннүүрүм, төһө бурдук тутуллубутун, төһө тиэллибитин ыйыталаһарым. Л. Брежнев (тылб.) тут II диэнтэн атын. түһ. Аркадий сүрдээх табыллыбыт архитектор, оҥорбут бырайыага барыта тутуллан иһэр.
Н. ЛугиновКуораттар, бөһүөлэктэр тутуллаллар, киэркэйэллэр. С. Окоёмов Прогимназия икки мэндиэмэннээх саҥа мас дьиэтэ тутуллан, Аппа уутугар күлүгүн түһэрэн, кылбайа дьэндэйэн тахсыбыта. П. Федосеев