ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туус

аат тыл

Нууччалыы соль

English salt

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы соль

English salt

  • тууһа суох ас
    несолёная едаunsalted food
I

2 аат тыл #

Аска кутуллар аһыы амтаннаах бып-бытархай үрүҥ өҥнөөх тума

Нууччалыы Соль. Күөскэр тууста кут. Tyyha cyox да аһыы баар үһү (тааб.: табах). Ынаҕын уоскутаары, бэйэтэ да уоскуйа таарыйа ынаҕар туус ытыһан аҕалан сиэттэ. В. Яковлев. Оччоҕо... Оччоҕо, доҕочуок, Олоххо, үлэҕэ таптал суох. Барыта, барыта болооччу, Tyyha cyox ас курдук буолааччы. С. Данилов

3 аат тыл #

хим. Кислота водородун оннугар металл холбоспутуттан үөскүүр бэссэстибэ

Нууччалыы Вещество, в котором водород кислоты замещен металлом; соль (минеральные соли)

  • Калий тууһа.
  • Металл аатамнарыттан уонна кислота тобохторуттан оҥоһуллубут молекулалардаах уустук бэссэстибэни туус диэн ааттанар. КДМ X. Сир анныттан уруудалары уонна туустары хостууллар. КЗА АҮө. Аһыыр аска белок, сыа, углевод, битэмииннэр, минеральнай туустар (микроэлеменнэр) ситэри баар буолуохтаахтар
    ППА БЭССЭ

4 этии #

Нууччалыы Муки печали, скорби, доводящие человека до слёз, горечь слёз

Этиилэр

Чуучугуруур туус тумус көр чуучугураа

  • Чуучугуруур туус тумус Хомпоруун Хотой баай Тойон оҕонньор аҕалаах. Күннүк Уурастыырап

5 этии #

Нууччалыы Небольшой сосуд для соли, подаваемый к столу; солонка

Этиилэр

Туус иһитэ

туус кутан остуолга уурар иһит Туус иһитинэ аҕал эрэ.

Туус (куба, кубалаҥ) маҥан көр куба

Өссө холобурдар (1)
  • Туус маҥан атынан Манчаары көтүтэр. Уол оҕо охтума, Аккыттан сууллума.
    Т. Сметанин

Туус собуота

айылҕа тууһун аһылыкка туттуллар гына оҥорон таһаарар собуот.

Завод для преработки соли.

  • Кэмпэндээйитээҕи туус собуота Саха сирин бүтүннүүтүн кэриэтэ тууһунан хааччыйар.
    И. Данилов
  • ДТС туз, тюрк. туз, дуз
II

6 аат тыл #

Хаарты саамай үрдүкү хараҕа (хаартыга соҕотох хараҕынан бэлиэтэнэр)

Нууччалыы Игральная карта, старшая в масти с одним очком посредине, туз

  • Чиэрбэ тууһа. Туора тууһа

7 этии #

Нууччалыы Служить наиболее сильным аргументом, козырным тузом в чём-л. (споре, соревновании)

Этиилэр

Туус куоһур буол

туох эмэ мөккүөргэ, куотуһууга ордук сүүйүүлээх күүс буол Бырайыакпыт сүрүн уратыта – экэниэмийэлээһин – биһиги туус куоһурбут. Н. Лугинов. куоһур тутун – тугунан эмэ өҥнөн, киһиргии тутун.

Выставлять что-л. напоказ, хвастаться чем-л., козырять.

  • Соҕуруу баран кэлбитинэн куоһур туттар

«Т» буукуба