ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туһах

аат тыл

Нууччалыы петля, силки для ловли дичи, изготавливаемые из конских хвостовых волос или тонкой проволоки

English noose

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Мас көтөрүн, куобаҕы бултуурга анаан сылгы кутуругуттан эбэтэр синньигэс боробулуохаттан оҥоһуллубут булт тэрилэ

Нууччалыы Петля, силки для ловли дичи, изготавливаемые из конских хвостовых волос или тонкой проволоки

  • Тууттан куобаҕы, туһахтан собону бултаабыкка дылы (өс хоһ.). Былыр Лоһуор Өндүрэй куобахха ииппит туһаҕар кэрэмэс саһыл киирэн биэртэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Бэл диэтэр, биирдэ биир туһахтан икки куртуйаҕы биирдэ ылбыттара
    Суорун Омоллоон

2 аат тыл #

спорт. Дуобакка оонньуурга икки фигураны уган баран, үсүһүнэн даамканы сиир гына оҥоһуллубут балаһыанньа биир көрүҥэ

Нууччалыы Петля (в шашках)

  • Үрүҥнэр үгүс түбэлтэҕэ хара даамканы сиир туһахтары кыайан ииппэттэр
    ПРД ТҮө

3 аат тыл #

авиа. Бүтэй токур сурааһын иһинэн сөмөлүөтүнэн эрийэ-буруйа көтүү

Нууччалыы Фигура высшего пилотажа – полёт по замкнутой кривой в вертикальной плоскости, петля

  • Үөһэ тахсан лүөччүктэр уустук туһаҕы оҥорон көппүттэрэ
    ЧЮМ ТӨК

4 этии #

Нууччалыы Силки, изготовленные из ивовых прутьев для добычи дичи

Этиилэр

Кыл туһах

туһах диэн курдук.

  • Кыл туһаҕынан кыра көтөрү бултууллар.

Уллуҥах туһах

уу, мас көтөрүн бултуурга аналлаах иирэ талаҕынан эрийэн оҥоһуллубут элбэх айахтаах туһах Кыым [киһи аата] мас көтөрүгэр уллуҥах туһах иитэрэ.

  • Уллуҥах туһах бөөччөйөбүн. Манан чырып, чөкчөҥө урдуһун эһэр уруккуттан идэм. Нэртэ. Ср. ДТС тушах ‘путы, надеваемые на передние ноги лошади’; тусах ‘силок’; тюрк. тузак, тузах, тозак, тузакъ ‘силок’; туркм. дузак ‘ловушка, западня’

«Т» буукуба