ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уктаа

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы приделывать черенок, ручку, рукоятку к чему-л

I

1 туохтуур #

Туохха эмэ (хол., туттар тэрилгэ) укта оҥор

Нууччалыы Приделывать черенок, ручку, рукоятку к чему-л

  • Оттон Данил Золотовскай оҕонньор баһымньылары уктаан иһэр.
    М. Доҕордуурап
  • Тэһийбэтэҕинэ, Кирилл Иванов бэйэтэ тимиртэн охсон оҥорор быһаҕын уктуур, кыынныыр, ыаһынан ойуулуур.
    Н. Габышев
  • Хотууру уктуох иннинэ таптайар ордук
    ПАЕ ОСС
II

2 аат тыл #

Быа, боробулуоха о. д. а. төрдүн туохха эмэ кэтэрдэргэ (эбэтэр бэйэтин бүк тутарга) анаан биэтилэлии холбоммута, тиэрбэс

Нууччалыы Завязанный кольцом конец верёвки, проволоки и т. д., петля

  • Октябрина ааны тардыалаата. Төгүрүк уктаалаах хара тимир тутаах хамсаабат.
    М. Попов
  • Туһах уктаатыгар иитэр кылыыны кэтэрдиллэр
    ТСКБ
III

3 аат тыл #

Ходуһаны өртүүргэ киэҥ сиринэн уоту тарҕатарга туттуллар, төбөтө тырыыҥкаламмыт мас

Нууччалыы Расщеплённый кол, употребляемый при выжигании покосов

  • Уктаалаах уот. ПЭК ОНЛЯ I. Мин сотору оҕонньорго аҕылаан-мэҥилээн тиийэбин: “Эһэ сии сыспытын умайа сылдьар уктаанан сирэйин салатаммын быыһанным”, – диибин. ”Чолбон”. Машук төбөтө умуллубут уктаа курдук буруолуур.
    М. Лермонтов
  • Тэҥн. турку II 1

«У» буукуба