ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыксаан

аат тыл

Нууччалыы якутская настольная игра в щелчки, где косточками обычно служат разрубленные дольки тальника длиной в 1,5 сантиметра

1 аат тыл #

Балтараа сэнтимиэтир уһуннаах хайытыллыбыт талах кэрчиктэриттэн оҥоһуллубут тыксан оонньонор сахалыы остуол оонньуута

Нууччалыы Якутская настольная игра в щелчки, где косточками обычно служат разрубленные дольки тальника длиной в 1,5 сантиметра

  • Оҕо аймах хабылык, тыксаан, дурда эргитиитэ диэннэри урааннаах уһун кыһыны быһа балаҕаҥҥа хаайтаран олорон оонньуур. ЧМА ЭТНББ. Сорох киэһэ эдэрдэр уруккуларын санаан, остуолларын үрдүгэр хабылык, тыксаан оонньууллар
    ХС

2 аат тыл #

Тыксаан оонньуутугар туттуллар тэрил: балтараа сэнтимиэтир уһуннаах хайытыллыбыт талах кэрчигэ

Нууччалыы Косточка – инструмент для якутской настольной игры в щелчки, представляющий собой отрубок тальника длиной в 1,5 сантиметра

  • Ким да миэхэ хабылык, тыксаан, талах ынах оҥор бот.
    Е. Неймохов
  • Оонньууларга туттуллар тэриллэри, оонньуурдары (мас сааны, мас ынаҕы, аты, тыксааны) барытын оҕолор бэйэлэрэ оҥостоллоро
    ВПК СОо

«Т» буукуба