Перевод с якутского
тыктар
Нууччалыы отравиться, умереть, проглотив что-л
Ис хоһооно · 4
1 #
1. тык I диэнтэн дьаһ. туһ. Сүүйтэрэммин хаста да тыктардым
2 #
Сүлүһүнү биитэр сүлүһүннээҕи сиэн сүһүр эбэтэр өл
Нууччалыы Отравиться, умереть, проглотив что-л. ядовитое
Ынахтара, аһыы оту сиэн, тыктаран өлбүт. [Болтоһо:] Оҕото сотууҥҥа өлбүт сүөһү этин сиэн, тыктаран өлбүтэ А. Софронов
3 #
Нууччалыы Отражать что-л. на гладкой поверхности (напр.,о зеркале)
1. тык II диэнтэн дьаһ. туһ. Күндэлэс уотунан кинилэри уун-утары тыктарбытынан газик массыына тигинээн кэлэн, тохтуу түспүтэ. А. Попов Траншеяҕа мунньуллубут ноһуому уунан тыктаран ыраастыыр буоллахха, бу хотон өрөспүүбүлүкэҕэ өссө киэҥник сураҕырыаҕа. ПДН ТБКЭ. Күн уотун бу тааһынан кураанах муохха тобулу тыктарбыкка, кини [муох] тута кэриэтэ умайбыта. Ж. Верн 2. Ким, туох эмэ дьүһүнүн, тас көстүүтүн бэйэҕэр түһэрэн көрдөр (ханнык эмэ дэхси ньуур туһунан этэргэ)
Өссө холобурдар (3)
Өрүс, үрүҥ көмүһү уулларан куппуттуу, кылабачыйбыта, -- Айгыр-силик Айылҕа Эбэ хотун эҥин-эгэлгэ өҥүн-дьүһүнүн бэйэтигэр тыктаран ойуулуу-оһуордуу сыппыта. Далан Даяров күллэ: «Эн итини барытын — Сергееви эмиэ сиэркилэҕэ тыктаран көрөҕүн дуо?» — диэтэ. С. Дадаскинов Эдэр суруйааччы [В. Иванов], таптыыр оҕолоругар, сиэркилэҕэ тыктарар курдук, субу турардыы күн уотунан толорон, тыыннаан-тырымнатан биэрэр ЭСЭ
4 #
Тугу эмэ уобарастаан көрдөр, ойуулаа (уус-уран литература, ускуустуба туһунан этэргэ)
Нууччалыы Воспроизводить, представлять кого-что-л. в образах, выражать, показывать (о художественной литературе, искусстве)
Суруйааччы Аргыылаптар диэн ыал олоҕор оччотооҕу уустук кэм араас хартыыналарын, хабырыйсыыларын тыктаран көрдөрөр. Д. Васильева Этиллибит санааны олох тыыннаах холобуругар тыктаран көрдөрөрүгэр Н. Лугинов биир-икки түгэн туһунан кылгастык кэпсиир. ХС Билигин Узбекистаҥҥа култуура үс тыһыынча сыллаах историятын тыктаран көрдөрөр ускуустуба уонна архитектура сэттэ тыһыынчаттан тахса пааматынньыктара бааллар. « Кыым