ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тырай

туохтуур

Нууччалыы вытягивать врозь длинные тонкие ноги

туохтуур

дьүһ. туохт. Уһун синньигэс атахтаргын чиккэччи тэп

Нууччалыы Вытягивать врозь длинные тонкие ноги

  • Охонооһой уол, сирэйин саба туттаат, сүүрэн тырайда
    А. Сыромятникова
  • Уһун синньигэс атахтаах буол. Θ Иметь длинные тонкие ноги. Тостуох курдук токур моойдоох, Тырайа сытыйбыт Туруйа сордоох Тугунан миэхэ холоонноох буолуой?
    Болот Боотур
  • Ырбайбыт айахтаах, Ынайбыт истээх, Тырайбыт атахтаах, Тымныы эттээх Баҕа үөн баҕайы Бадараан устун Бал-пал түһэн, Күөгэйэн хамсыыр Күөх от диэки Көтөн-ойон истэ. Күн Дьирибинэ. Тырайбыт атахтаах, Тылбыйбыт кынаттаах, Уһуктаах тумустаах, Уот соллоҥ оботтоох, Сүөһүттэн киһиэхэ Суугунуу көтөөччү Иҥсэлээх бырдахпыт Илиибэр олорбут.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. кирг. тырай ʽраскорячиться, расставив ноги и рукиʼ

«Т» буукуба