ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тырыта

сыһыат

Нууччалыы на куски

1 #

сыһ

  • [Моҕотой] тыҥыраҕынан Байбааскы этин тырыта тэптэ.
    Суорун Омоллоон
  • Кыранаата оскуолкалара көхсүн тырыта сүүрбүтэ чэрдийэ оспуттара ала бэлиэтик килэрийэн көһүннэ
    М. Доҕордуурап

2 #

Кими тугу эмэ хайыта, быһыта, бааһырдар гына

Нууччалыы Нанося царапины, раны (рубить, кромсать). [Зояны] сутуруктарынан дьөлүтэ кэйбиттэр, сэҥийэтин испиискэ уотунан салаппыттар, көхсүн эрбиинэн тырыта тыыппыттар

3 этии #

Нууччалыы На мелкие куски, на части (рвать, разрывать, раздирать)

Этиилэр

Тырыта тыыт

1) Тугу эмэ бүтүнү кыра-кыра гына хайыта, быһыта (алдьат, араар) Харытыана эрэйдээҕи биир кулаак уола атаҕастаан, ынах хомуйа сырыттаҕына күүһүлүү сыспыта, бэстилиэнэй биир ырбаахытын тырыта тыыппыта. П. Ойуунускай. Бөх-сыыс тоҕор сирдэргэ барыларыгар араас тырыта тыытыллыбыт кинигэлэр ыһылла сыталлар. Эрилик Эристиин. 2) киһи өй-санаа өттүнэн бигэ буолуутун суох оҥор (ханнык эмэ киһини дьиксиннэрэр санаа-оноо туһунан этэргэ).

Создавать психологический дискомфорт, глодать (напр., душу – о страхе).

  • Ырыа санньырхай тыллара уонна хос-хос тардыллан күүһүрэн биэрэллэрэ киһи санаатын ордук санньытан тырыта тыыталлара. Ойуку. Аны биир санаа тырыта тыытара: өскө ойуун буолунан кэлистэҕинэ, хайдах көрсөбүт?
    ХС
  • Миигин билигин кэмсинии буолбакка, испэр куттаныы тырыта тыытара. И. Тургенев (тылб.)

«Т» буукуба