ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тырытын

туохтуур

Нууччалыы рваться, разрываться

1 туохтуур #

эн, кэбирээн хайыта бар, хайыта бара сылдьар буол (хол., таҥаһы этэргэ)

Нууччалыы Рваться, разрываться (напр., об одежде)

  • Дүлүҥ мастары хайыталаан баран суорбакка эрэ туруору кэккэлэппит саркаахтаах эркинигэр киһи илиитэ бааһырар уонна таҥас, алдьаммытынан иилистэ-иилистэ, тырыттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ньырбачаан таҥаһа-саба тырыттыбыта, этэрбэһэ алдьаммыта.
    Далан
  • Ийэм эрэйдээх миигин, истиэнэ ыксатыгар турар олох мас анныгар уган баран, үрдүбүнэн саба олордо уонна тырыттыбыт дьууппатын элээмэтинэн саба түһэрэн баран, тугу да билбэтэх-көрбөтөх курдук, эргэ халтаҥ сон көхсүн абырахтыы олордо
    Эрилик Эристиин

2 туохтуур #

ан эмэ кыйаханан кыыһыра-тымта сылдьар буол

Нууччалыы Выходить из себя, нервничать

  • Харатаайап кулуба, Сүөдэр кэпсээнин истэ олорон, ис-иһиттэн тырыттан, абаккаран, кыыһыран барар.
    Н. Якутскай
  • Анньыыска майгыта уларыйда, кыраттан тырыттар, хаһыытыыр, бэл онон-манан тамнааттанар.
    Н. Габышев
  • [Бэрэссэдээтэл Попов] суолтата суох кыра аайыттан кыыһыран тырытта сылдьар киһи буолбатах
    ХС

«Т» буукуба