ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыыннаа

туохтуур

Нууччалыы одушевлять, одухотворять, наделять душой неодушевлённые предметы

1 туохтуур #

Туох эмэ тыымматы тыыннаах курдук санаа, өйдөө

Нууччалыы Одушевлять, одухотворять, наделять душой неодушевлённые предметы

  • Хайалары, өрүстэри, үрэхтэри, күөллэри, улахан бэлиэ мастары, күрбэ таастары, уо. д. а. тыыммат предметтэри тыыннаан сүгүрүйэллэрэ, үҥэллэрэ.
    Саха фольк
  • Миэхэ, айбыт Айылҕам, Биэрбитиҥ дуо толору Дьүһүлгэни айар кыаҕы, Тылы тыынныыр дьоҕуру?
    С. Данилов
  • Туспа талааннаах тарбаҕыҥ Туойу, мыраамары тыынныыр
    Баал Хабырыыс

2 туохтуур #

Сэргэхсит, күө-дьаа оҥор (хол., ханна эмэ баар буолан, тугу эмэ гынан)

Нууччалыы Оживлять, бодрить (напр., своим присутствием, деятельностью)

  • Сир-дойду чуҥкук, иччитэх таһаатын Киһи эрэ тыынныыр, иччилиир.
    М. Ефимов
  • Олус да муударай, олус да истиҥ киһи [ийэ барахсан] сүрэҕин сылааһа бу кыракый үүтээн дьиэ кутун-сүрүн тутар, тыынныыр
    ХС

3 туохтуур #

Ханнык эмэ ис хоһоонноо (хол., уус-уран айымньыны)

Нууччалыы Наделять каким-л. содержанием (напр., художественное произведение)

  • Суруйааччы -- айымньы сүрүн тутаах ис номоҕун таба харбаан, ону сайыннаран, бэйэтин айар күүһүнэн-күдэҕинэн, уотунан-төлөнүнэн тыыннаан, бэйэтин сүрэҕин сылааһын, иэйиитин иҥэрэн суруйуута. Софр. Данилов. Эрилик Эристиин айар истиилигэр олоҕу уонна геройдарын дьайыыларын романтическай тыынныыра биллэр
    Д. Васильева

«Т» буукуба