Перевод с якутского
тэбии
аат
Нууччалыы не подходить близко, не приближаться к кому-чему-л.
1 этии #
Нууччалыы Не подходить близко, не приближаться к кому-чему-л. (на расстояние выстрела)
тэп диэнтэн хай. аата. Аанака, ол баай ыалга тиийэн, үтүрүм-хатырым тутуллар, хамначчыт кэриэтэ буолар, ол тэбиитигэр ыалдьан, суорума суолланар. Эрилик Эристиин Айа тэбиитэ элбэрээги ханнык кэрдиискэ иилэртэн улахан тутулуктаах. ПАЕ КБАТ. Охсууга, тэбиигэ, бырдах уонна кулахы ытырарыгар кыһаммат киһи диэн суох буолуохтаах. ЛВ МТА
Этиилэр
Саа тэбиитигэр кииримэ
кимиэхэ, туохха эмэ олус чугаһаама Эн киниэхэ аны саа да тэбиитигэр кииримэ.
Саа тэбиитэ сиргэ чугаһатыма
кими, тугу эмэ кимиэхэ, туохха эмэ кыратык даҕаны чугаһатыма.
соотв. не подпускать на пушечный выстрел. к кому-чему-л.
[Василий тыһаҕастаах тыһы тайаҕы] сарсыардаттан эккирэтэн биир үрүйэни сыыйан нөҥүө үрэххэ күн ортоҕо диэри сиэллэ даҕаны саа тэбиитигэр кыайан чугаһаабата. ХС [Фамусов:] Мин буолларбын бу дьону киин куоракка Саа да тэбиитэ чугаһатыа суох этим. А. Грибоедов (тылб.)
2 этии #
Этиилэр
Дэлби тэбии көр дэлби
Утуу-субуу ынырыктаах дэлби тэбии ньиргийэр. И. Баишев Булкааннар эстиилэрэ сорох ардыгар олус күүстээх дэлби тэбиилэринэн доҕуһуолланар. КВА МГ. Охтубут мастар умнастара сиргэ хайдах сыталлара дэлби тэбиини уонна баллистическай долгуну кытта сибээстээх. ДьДьДь.
Сүрэх тэбиитэ көр сүрэх
[Нина:] Медицина этиитинэн, сүрэх күүскэ тэбиитэ сылайыыттан, сынньаныаххын наада. Амма Аччыгыйа Баар эн сүрэҕиҥ тэбиитэ Байҕал күүрээнигэр, Күүстээх тыал түһүүтэ – Тыа сүгүрүйэригэр. Эллэй. Сыспай сиэллээхтэрим сыа оттоох сыһыыбар Холоругу түһэрэн хотоһуйан эрэллэр, Туйахтарын тыаһа сүрэҕим тэбиитинии өрө битигирээн кулгаахпар иһиллэр. М. Ефимов
Тымыр тэбиитэ көр тымыр
[Быраас] киһи аайы тохтоон, тымырдарын тэбиитин бэрэбиэркэлиир, туруктарын ыйыталаһар.
Н. ЛугиновКиһи тугунан ыалдьыбытын быһааралларыгар быраастар киһи тымыра тэбиитин кэмнииллэрэ. КФП БАаДИ. Эмискэ кини илиитэ илир гынаатын кытта, тымыр тэбиитин бигиир сир арыый үөһэ өттүнэн харыбар быһах уһуга таарыйара билиннэ. А. Куприн (тылб.)