Перевод с якутского
тэбиэлээмэхтээ
тэбиэлээ диэнтэн тиэт. көрүҥ. Аны Байбал абарда быһыылаах, ааны иккитэ-хаста атаҕынан тэбиэлээмэхтээтэ. Н. Габышев Ытарбын кытта ньиэмэс умса хоруйа түстэ, атахтарынан салгыны тэбиэлээмэхтээтэ. Т. Сметанин [Ньукуус] окуопа сыҥаһатыттан тайанан баран, атахтарынан олбу-солбу эгдэҥэлээн, тоҥ буор эркини тэбиэлээмэхтиир. Н. Кондаков