ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэбиэс

даҕааһын

Нууччалыы вспыльчивый, горячий, неуровновешанный

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Оччолорго мин даҕаны Оҕо-тэбиэс хааннааҕым.
    С. Данилов
  • Оҕонньор бэйэтиттэн быдан балыс, онон хохучуол, тэбиэс иккис кэргэнин – Даарыйаны уонна оскуолаҕа үөрэнэр кыра уолун – Бүөтүркэни кытта муҥхалыыллар
    Н. Габышев

2 даҕааһын #

Кыраттан да өһүргэнэн кыыһырар, дохсуннук, бардамнык быһыыланар (үксүн эдэр, кыһалҕаны билэ илик киһи эбэтэр кыыл туһунан этэргэ)

Нууччалыы Вспыльчивый, горячий, неуровновешанный (обычно по молодости, неопытности). [Макаар оҕонньор:] Эдэр киһи бөппүрүөк, тэбиэс буолар куолута да, мин былыр сүр дьэллэккэй, хоргус этим

3 даҕааһын #

Мэник, тэбэнэттээх (эдэр буолан)

Нууччалыы Озорной, задорный (в силу молодости)

  • Кинилэр сылгылара уһуулара, үргүүктэрэ, тэбиэстэрэ, сиргэмтэҕэйдэрэ суохтар.
    В. Протодьяконов
  • Күлүүк кыыс курдук тэбиэс көлүччэлэр Күн уотугар күлүмнэһэ оонньууллар.
    Н. Босиков
  • Олус тэбиэс, олус мэник Оонньохолуур ньирэйдэр, Саҥа пиэрмэ, саҥа титиик Сылааһыгар киирбиттэр
    В. Башарин

4 даҕааһын #

Дохсун, баламат күүстээх

Нууччалыы Очень сильный, мощный

  • Ол кулуһун тэбиэс уота Кырдьар сааһы сылаанньыта, Өрүү умайа туруоҕа, Өрүү чаҕылхай буолуоҕа.
    Н. Босиков
  • Тыаны харалыыр тыаллар – Чыскыытаһар тэбиэс тыаллар Сыһыыларбар, алаастарбар Сыбыытаһа сырыстылар. А
    БАМ

«Т» буукуба