Перевод с якутского
тэлбиҥнээ
туохтуур
Нууччалыы лететь, медленно взмахивая широко распластанными крыльями
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
дьүһ. туохт
Кутаалыыр куйаас күннэргэ Кулуһун быыһыгар саһара, Хараҥа күһүҥҥү түүннэргэ Хааҕыргыы, тэлбиҥнии көтөрө, Салбыгыр, унньугур бэйэлээх Саһархай аҥыр эрэйдээх. С. Васильев Кутуйахсыт киэһээҥҥи аһылыгын көрдөөн ыарҕалары ыксатынан көтөн тэлбиҥнээтэ. М. Доҕордуурап [Аҥыр] көтөн тэлбиҥнии, сабырыҥныы сылдьар эбит Р. Кулаковскай
2 туохтуур #
Уһун, улахан кынаттаргынан аргыый аҕай сапсынан көт
Нууччалыы Лететь, медленно взмахивая широко распластанными крыльями
3 туохтуур #
Тугу да гынара суох таах сырыт
Нууччалыы Ходить, шататься без дела, шляться
Тугу да гынарыҥ суох буолан, эн манна тэлбиҥниигин дуо? ХС Аата эрэ өрөмүөҥҥэ турабын, дьиҥинэн, кып-кыра чаас суоҕуттан күнү быһа таах тэлбиҥнээн тахсабын. "Кыым". Талба араас таһаҕастаах элбэх дьоннор биэрэккэ Таах тэлбиҥнии сылдьаллара хайыахтарын билбэккэ. Ш. Руставели (тылб.) Кыра-кыралаан эрээри, күнү быһа тохтообокко тугу эмэ гын; ханна эмэ сатыы хааман уһуннук сырыт, тугу эмэ кэрий. Θ Делать что-л. медленно, но безостановочно, в течение целого дня; долго ходить где-л. пешком, обходя что-л. Айыа-айа! Эчи, күнү быһа тэлбиҥниирбиттэн уҥуоҕа-сүһүөҕэ да суох буолан хааллым.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
Арай биирдэ ийэм: "Тукаам, Дьөгүөр, баран ынахтаргын хомуйа охсон кэл эрэ. Мин бүгүн онно-манна тэлбиҥнээн, хайдах эрэ олус сылайбыт курдукпун", – диэтэ. Болот Боотур "Мин эрдэ утуйуом, көхсүм дэлби саалынна, күнү быһа дьиэ иһигэр тэлбиҥнииртэн да сылайар буоллум", – диэн баран сүрдээх сымнаҕастык сиэнин көхсүттэн имэрийэн ылла Т. Находкина
4 туохтуур #
Сэниэтэ суохтук, бэрт нэһиилэ хаамп (ыалдьыбыт эбэтэр кырдьаҕас киһи, кыыл туһунан этэргэ)
Нууччалыы Идти, ходить немощном, еле-еле (о больном или старом человеке, звере)
Бодьуруус [эһэ оҕото] сэниэтэ эстэн иэдэйбит, хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрбүт, сүүрүккэ оҕустаран аат харата тэлбиҥнии иһэрэ. И. Федосеев Күрэҥсийбит баттахтаах кырдьаҕас киһи, аргыый аҕай хааман, сэниэтэ суоҕунан тэлбиҥнээн иһэрэ. И. Бочкарёв Балыыһаттан бэрт эрэйинэн тэлбиҥнээн, тайахтанан-таймаланан тахсан истэхпинэ Вадим диэн эдэр киһи обургу утары кэтиллэ түстэ. "Кыым". Ср. монг. дэлбэгиэх ʽдвигаться, шевелиться, колыхаться (о каком-л. торчащем плоском предмете)ʼ