Перевод с якутского
тэрэй
туохтуур
Нууччалыы иметь широкие, раскинутые края, поля
1 туохтуур #
Тас өттүҥ диэки, кытыыгынан сыыйа кэтирээн, сараадыйан көһүн
Нууччалыы Иметь широкие, раскинутые края, поля
Хаһан да көстө илик сибэкки Эминньэхтэрэ тэрэйэ аһылынна. П. Тобуруокап Тиит туорааҕын тэрэйбит кынаттаах сиэмэтэ сыа хаар үрдүгэр сытара. В Миронов. Мутукча сарайбыт, Сэбирдэх тэрэйбит, Нуоҕайа хамсыыр, Ньургуһун аппыт Д. Васильев
2 туохтуур #
Тас өттүҥ диэки сарайан тахсыбыт буол (хол., кулгаах, муос, кыламан)
Нууччалыы Растопыриваться, торчать (напр., об ушах, ресницах, рогах)
Кыыс кыламаннара тэрэйэ хамсыыллар Тиирэ тэбэ сырыт, үтэн таҕыс (дьахтар түөһүн этэргэ). Θ Выпирать, торчать (о женской груди). Кини тэрэйбит эмиийдээх түөһүн мөтөтөн баттаҕын көннөрүннэ. Н. Габышев Хара харах, тэрэйбит түөс долгуппат буолбуттара ыраатта. "Чолбон". Ср. ДТС тара ʽрассеиваться’, ног. терей ʽторчать, выступать’, монг. дэрийх ʽторчать в отверделом состоянии’