ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэрэгэр

даҕааһын

Нууччалыы широкий, с широкими краями, полями

1 даҕааһын #

Тас өттүн, кытыытын диэки сыыйа кэтирээн, сарайан тахсар, тэрэччи тэбэ сылдьар

Нууччалыы Широкий, с широкими краями, полями

  • Хара тэрэгэр сэлээппэтин кэтэн кэбистэ.
    А. Сыромятникова
  • Түү синньигэс чиргэл умнастаах уонна умнас икки өттүнэн тэнигир, ордук нымса тэрэгэрдээх. ББЕ З. Тэтэркэй өҥнөөх биэстии тэрэгэр эминньэхтэрдээхтэр
    МАА КРЯСБТ

2 даҕааһын #

Сараадыйан тахсыбыт (хол., кулгаах, муос), сарайа сылдьар

Нууччалыы Растопыренный (напр., об ушах, рогах)

  • Буомтуйбут хара ынахпытын Тэрэгэр муостаах, кэдэгэр систээх Боруода ынах солбуйда.
    С. Зверев
  • Саарба кылгас тэрэгэр кулгаахтарын тиирэн, тыа киэһээҥҥи тыынын чуҥнуур.
    Н. Борисов
  • Лөкөй тэрэгэр муостара биир тэҥник долгуйа хамсыыллар.
    Н. Борисов
Өссө холобурдар (4)
  • Элбэх эҥин-эҥин күөллэригэр Кэтит тэрэгэр кутуруктардаах, Күтүр улахан балыктар Көҥүл үөскэтэлээн, Устуталаан мөлбөрүспүттэр
    А-ИМН ОЫЭБЫ
  • Тиирэ тэбэ сылдьар, үтэн тахсыбыт (дьахтар түөһүн этэргэ). Θ Выпирающий, торчащий (о женской груди). Кууһуохха айылаах Кумуулаах тарбахтаах, Мэтэгэр бэйэлээх Тэрэгэр эмиийдээх.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Ньуута сирэйигэр, толору тэрэгэр түөһүгэр, көнө чоруун атахтарыгар туох эрэ киһини угуйар, ымсыырдар баарга дылы.
    Э. Соколов
  • Сүрэҕэ күүскэ тэбэриттэн тэрэгэр түөһэ кыараҕас бэриэнньигин көппөҥнөтөрө. С. Курилов (тылб.)

3 этии #

Этиилэр

Тэрэгэр сүгэ көр тэрээк сүгэ

  • Үһүс сылыгар тэрэгэр сүгэ курдук буолан баран, биитэ туора сүгэни уктаабыта. Саха сэһ. II. Мас суора туран тэрэгэр сүгэ аһыытынан алҕас уҥа атаҕын тойон тарбаҕын хайа охсубута.
    Н. Неустроев
  • Кыра тэрэгэр сүгэнэн синньигэс хахыйаҕы иккитэ-үстэ сэниэтэ суохтук оҕуста. Д. Кривошап кин

«Т» буукуба