Перевод с якутского
түҥнэри
даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы так, чтобы упало или опрокинулось
Ис хоһооно · 5
1 сыһыат #
Охтон түһэр биитэр түҥнэстэр гына
Нууччалыы Так, чтобы упало или опрокинулось
Тогойкин сулбу тардан ылаары, курууускатын түҥнэри охсон кэбистэ. Амма Аччыгыйа Күүстээх Кулааһынньык биир уолу кулгаах тааска биэрэн, түҥнэри охсон кэбистэ. Н. Павлов Киниттэн чугас көтөн иһэр куһу түҥнэри ытан түһэрдэ. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Бурхалей Эрбантейы түҥнэри сөрөөн түһэрдэ Эрилик Эристиин
2 сыһыат #
Умсары, түгэх өттүн үөһэ гына (хол., тугу эмэ уур)
Нууччалыы Вверх дном, опрокидывая (напр., ставить что-л.)
Сири, кырсын түҥнэри эргитэн, кырыытынан кыстыы уурбутум. М. Доҕордуурап Толору уулаах бытыылканы уу анныгар түҥнэри тутуллар ДНА СХБКК Тугу барытын түөрэ сүргэйэн. Θ Разбушевая, крутясь вихрем. Түҥнэри холоруктуу олорор таллан тараах таас уораҕай дьиэтин үрдүгэр соҕотохто тиийэммин үктэнэ түһүөм. Ньургун Боотур. Түҥнэри ытыллан, Илистэ-эккирии олорор Идэмэрдээх илиэһэй тумулун Уһуктаах төбөтүгэр, Уоттаах ньууругар Үс харыйа Эриллэ сыталлар
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (4)
Ол туолуутугар оройунан харахтаах, уолугунан айахтаах, төттөрү хайыылаах, түҥнэри сүргүөхтээх өлүү бидьий балыгын төрөтүөхтээхпин. Күннүк Уурастыырап Түҥнэри өттүнэн ааннаах, сиргэ иҥнэри түспүт эргэ балаҕан Амма Аччыгыйа Туохха эмэ сөп түбэспэт, утары. Θ Не соответствующий чему-л., противоположный. Абааһы санаалаахха, Түҥнэри өйдөөххө, Үөдэн сүрэхтээххэ Хатан харахтан, Хабараан майгылан, Сытыы-кылыс тыллан!
Өксөкүлээх ӨлөксөйТулуйдум араас түктэри, Түҥнэри да түгэннэри Р. Баҕатаайыскай
3 сыһыат #
Төттөрү, төттөрү диэки өттүгэр
Нууччалыы В обратную, противоположную сторону
Фокин чахчы кэлэйэн, түҥнэри хайыһан кэбистэ. Амма Аччыгыйа Эһээ, мунан түҥнэри баран эрэбит дии М. Доҕордуурап
4 даҕааһын #
суолт. Төттөрү, утары өттүн диэки оҥоһуулаах
Нууччалыы Обращ¸нный, направленный в обратную, противоположную сторону
5 этии #
Нууччалыы Исподлобья, бросая упрямый взгляд (смотреть)
Этиилэр
Түҥнэри көр
сүүһүҥ аннынан, өһөспүттүү умсары (көр) Сирэйэ даҥ курдук үллүбүт, ыга кыыһырбыт, уоһа хаанньастыбыт, хараҕын өҥүргэһинэн түҥнэри көрбүт.
Ньыкыы уоһун боллоччу туттан, хараҕын сүүһүн аннынан түҥнэри көрөн олордо. Болот Боотур Түҥнэри соҕус көрбүт өһөс харахтаах, кырыылаах хоппоҕор муннулаах, быһа ньимийбит халыҥ уостаах. А. Данилов
Түҥнэри көт
ааһан иһэн, анньан охтор.
Свалить, опрокинуть кого-что-л., толкнув на ходу.
[Муҥха дьоно] тойону балык үрдүгэр түҥнэри көтөн кэбиспиттэр да балыгы былдьаһан барбыттар. Эрилик Эристиин Көлөпүнэ кыайан сыҕарыс гынан биэрбэтэ, оҕус түҥнэри көтөн, кутуруга өрө хоройо турда. Н. Заболоцкай