ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түҥнэр

туохтуур

Нууччалыы сваливать, опрокидывать кого-что-л

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Турар кими, тугу эмэ охтор, сууллар, тиэрэ уур

Нууччалыы Сваливать, опрокидывать кого-что-л

  • Биэлсэр Миитэрэй саннын таптайбахтыыр, онтон чааскытын түҥнэрэн, антах анньар.
    Амма Аччыгыйа
  • – Бэйи-бэйи, тыыны түҥнэрээри гынныҥ, тохтоо!
    Эрилик Эристиин
  • Эһэ бүө түһэртэрэр бокуой биэрбэт, сулбу ойон тахсар, Үөрүнньэҥи [киһи аата] түҥнэрэр уонна тыа диэки ойор
    А. Пахомов
Өссө холобурдар (1)
  • Охторон кыай (хол., тустууга). Θ Брать верх над противником, побеждать (в вольной борьбе). Сахаттан түөрт уол тустан Түөстээх бэрдин түҥнэрдэ. Саргы-дьаалы улаатан, Төлөн айхал ньиргийдэ
    Эллэй

2 туохтуур #

Ытан охтор, өлөр

Нууччалыы Свалить, убить выстрелом

  • Тыгыннаах түөстээҕи түҥнэрбиттэр, бырталааҕы бысталаабыттар, хаһалааҕы хайыталаабыттар, мүһэлээҕи бүдүрүтэлээбиттэр. Саха сэһ. 1977. Ыт үрэрин истэн Ыккый ойуурга киирэн, Булчут эр бэрдэ Буур тайаҕы түҥнэрдэ
    В. Алданскай

3 туохтуур #

Кыай-хот, самнар (хол., өстөөҕү)

Нууччалыы Победить, разгромить (напр., врага)

  • Түгэх дойду түрбүөннээхтэрин түҥнэрэн, Аллараа дьабын Адьырҕаларын алдьатан, Саргыгытын салайдым, Дьолгутун тосхойдум.
    П. Ядрихинскай
  • Төрөөбүт дойдуну Түҥнэрэ кэлбити Бохсорго-боборго, Букатын соторго Бэлэм буол.
    Т. Сметанин
  • Суо-хаан фашиһы түҥнээрпит Сир-сэбиэт бүгүҥҥү дьолугар
    Айталын

4 туохтуур #

Сууллар, эс (былааһы)

Нууччалыы Свергнуть (чью-л. власть)

  • Амырыын баттал тирэҕэ Албын тутулу түҥнэрэн, Өргөстөммүт дьүккүөрү Өрөгөйдүүр эр күүһү Ким айда? Үлэһит, бааһынай!
    Эллэй

5 этии #

Түбэспиккин түҥнэр (таарыйбыккын таҥнар) кэпс. – туох да харса-хабыра суох олус дохсун, баламат майгылаах буол Дьэ, доҕоттоор, түбэспитин түҥнэрэн, таарыйбытын таҥнаран иһэр уол оҕоломмуппут быһыылаах. Далан. Ср. тюрк. төҥдэр, түҥтэр ʽпереворачивать, опрокидывать’

Нууччалыы Быть безрассудно дерзким (букв. встретившегося опрокинь, прикоснувшего предай)

«Т» буукуба