ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түүннэри

сыһыат

Нууччалыы ночами

1 #

сыһ

  • Холкуос бэрэссэдээтэлэ Кууһума, бөлүүн түүннэри айаннаан киирэн, балаҕадыйан -- аат харата босхо-босхонон үктэнэн, улахан уулусса устун хааман сылбыҥнаан иһэр.
    А. Софронов
  • Уйбаан кэргэнэ түүннэри тэҥҥэ кэпсэтэн, иһит-хомуос тардан сүүрэ-көтө сылдьыбыта.
    Б. Павлов
  • Түүннэри ааҕарбыттан хараҕым ууланар. М. Шолохов (тылб.)

2 #

Түүн супту, түүнү быһа (тугу эмэ гын)

Нууччалыы Всю ночь напролёт (делать что-л.)

3 #

Түүнү түүн диэбэккэ, түүн буолбутун да кэннэ

Нууччалыы Несмотря на позднее время, на ночь глядя

  • Сэмэн -- түүннэри көһөн түҥкэлийбит.
    П. Ойуунускай
  • Кыбыыларыгар толору оттоохтор… Түүннэри от тиэйэ барар оннук ыксаллара суох.
    Н. Якутскай
  • Түбүктээх тойон тиэтэйэр, Түүннэри дьоннору ыҥыртаата
    С. Васильев

«Т» буукуба