Перевод с якутского
түөкүн
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы тот, кто занимается воровством, вор, жулик, мошенник
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Уорар-талыыр идэлээх киһи, уоруйах
Нууччалыы Тот, кто занимается воровством, вор, жулик, мошенник
Киир, төнүн, уорбут, талаабыт түөкүн курдук тоҕо күрэнниҥ? Болот Боотур Куһаҕан дьаллыкка ылларбыт, уорар идэлэммит, түөкүн буолбут. Күннүк Уурастыырап Биирдэ дьаарай түөкүн Антон Семёнович остуолун дьааһыгыттан чаһытын уоран ылбыта ЧКС ОИиСТ
2 аат тыл #
Албын-көлдьүн, халбархай киһи
Нууччалыы Обманщик, плут, проходимец
Бу түгэх дойду түөкүнэ, Дириҥ дойду дьиккэрэ, Тылын кыһыытын, Айаҕын абатын Көрөллөр, көрбөттөр, оҕолор! Ньургун Боотур. Дьэ, түбэстигит эбээт, хара түөкүттэр! Амма Аччыгыйа [Турахин:] Сотто уола Бурхалей түөкүнү тутуҥ, бүгүн соруйан ууга симэн өлөрө сыста! Эрилик Эристиин Алдьархайдаах албын, түөкүн киһи үөскээбит. Саха фольк
Өссө холобурдар (3)
[Хабдьылар] Олус да түөкүн көтөрдөр буоллахтара эбээт. Амма Аччыгыйа [Маайыс:] Бу биһиги холкуоспут иһигэр биир түөкүн, албын киһи баар. С. Ефремов Ср. тюрк. төгүн, төҕүн ʽложь, неправда’
3 аат тыл #
күл. -ооннь. Оонньуу-күлүү курдук кэпсэтэргэ: баранаак
Нууччалыы Говорят также в шутливом тоне: мошенник, хитрец
Түөкүттэр мас да хаалларбаттар. Амма Аччыгыйа [Коля:] Туох буоллулар бу түөкүттэр [ньирэйдэр]? ХС
4 даҕааһын #
суолт. Киитэрэй, албынныыры сатыыр
Нууччалыы Хитрый, лукавый