ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уоруйах

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы вор, жулик

1 аат тыл #

Атын дьон баайын уорар киһи

Нууччалыы Вор, жулик

  • Уоруйах таҥарамсах, ойоҕумсах уруумсах, албын айыымсах (өс хоһ.). [Ыстапааҥка – Манчаарыга:] Мин эйигин, Уоруйах улуута буоллаҕа диэн Уруулаһар толкуйдаах этим.
    А. Софронов
  • “Уоруйаҕы туттум, кэли-иҥ, кэлиҥ!” – диэн улаханнык хаһыытаан бытарыттым
    М. Доҕордуурап
  • Уоруйах санаата Уолугун үүтүнэн Уоттуу салаата.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
  • [Сандаарка:] Ол уоруйах, кистэлэҥ таптал диэн халбаҥа бэрт буолбат дуо?
    С. Ефремов
  • Уоруйах толкуйдаах, Мэнэгэйдээх бэлэстээх -- Күтүр улуу биистэрэ, Оҕуруктаах оботтоохторо Урусхалланан бүтэ иликтэр
    С. Зверев

2 даҕааһын #

Албын, түөкэй, кистэлэҥ

Нууччалыы Воровской, жульнический

3 аат тыл #

Омос көрүүгэ чуолкай сатаан быһаарыллыбат, улахан кыччаан, кыра улаатан көстөр

Нууччалыы Неопределяемый точно по виду, кажущийся меньшим или большим, чем есть на самом деле

  • Намыһах курдук көстөр эрээри, уоруйах уҥуохтаах уһун сылгы этэ.
    И. Федосеев
  • Чугас курдук көрбүтүм, дьэ уоруйах сир эбит. Таҥара баарына, тиийиэм эрэ дии санаабатаҕым. БТ. “Уоруйах” эттээх-сииннээх киһи баар буолааччы дэһэллэр. Бука, оннук киһи эбитэ буолуо. “
    ХС

«У» буукуба