ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түөрэҥнээ

туохтуур

Нууччалыы шататься, качаться, теряя равновесие

1 туохтуур #

Түөрэ түһүөх, охтуох курдук хамсаа

Нууччалыы Шататься, качаться, теряя равновесие

  • Ырыых-ыраах өрүскэ Мохсохо оҕонньор кэтит түгэхтээх мас тыыта түөрэҥнээн көстүбүтэ.
    Далан
  • Баһыкка үктэнэн турар сирэ түөрэҥнээн ыларга дылы гынна. Софр. Данилов. Хотууру таптайарга, кыстыкка биитэ хайа да диэки түөрэҥнээбэт гына тутан туруллуохтаах
    ПАЕ ОСС

2 туохтуур #

Биир сүрүҥҥүн сүтэр, саараҥнаа

Нууччалыы Сбиваться с мысли, сомневаться, колебаться

  • Санаам олус түөрэҥниир биир оннук кэмигэр Максим миэхэ саҥалыы итэҕэл укпута.
    Далан
  • Түбэһиэх түөрэҥниир сатаммат, киһиэхэ энчирээбэт итэҕэл наада.
    Н. Якутскай
  • Үйэбит тухары саарбахтыы, тэпсэҥнии, түөрэҥнии үөрэнэн хаалбыппыт. ХК
    К. Тэҥн
Өссө холобурдар (1)
  • биэрэҥнээ

«Т» буукуба