ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэмтэрий

туохтуур

Нууччалыы споткнуться, покачнуться, потеряв равновесие

1 туохтуур #

Тирэххин сүтэрэн, сыыһа-халты үктэнитэлээ, охтоору гын

Нууччалыы Споткнуться, покачнуться, потеряв равновесие

  • Испирдиэн тэйэн тэмтэрийдэ, Оронугар олорон одуулаата, Ханна баарын таайда…
    А. Софронов
  • Кыыс эрэйдээх онтон-мантан иҥнэн кырыытынан буола-буола, тэмтэрийэн баттаҕа өрө сэрбэс гына-гына, иһин иһигэр "күлүгээн, кулаак…" дэтэлиир.
    П. Ойуунускай
  • [Тырахтарыыс Миитэрэй] аан чанчыгыттан тутуһан тэмтэрийбитинэн, саппыкытыгар бадарааны баспытынан киирэн кэллэ
    Далан

2 туохтуур #

Олоххо көрсөр ыарахаттары тулуйума, онтон оҕустар

Нууччалыы Не суметь справиться с жизненными трудностями, споткнуться, сбиться с пути

  • Аҕата сордоох эмиэ саҥа туран иһэн, Дьаакыбылап кулуба угаайытыгар киирэн тэмтэрийбитэ.
    Н. Якутскай
  • [Пахом] бэйэтинээҕэр, кини түктэри быһыытыттан тэмтэрийэн, балыыһаҕа киирбит кэргэнин аһынан ордук уйадыйар.
    Н. Борисов
  • [Солко (киһи аата):] Быйыл кэргэним өлөн, тэмтэрийэн, үлэм күнэ букатын дуона суох
    ХС

«Т» буукуба