ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

төкүнүт

туохтуур

Нууччалыы делать что-л. круглым, округлым

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Тугу эмэ төкүнүк, төкүнүктүҥү гына оҥор

Нууччалыы Делать что-л. круглым, округлым

  • Оҕолор быластылыынтан мээчик бөҕө төкүнүппүттэр.
  • Сиидэ маһын көнө саастаах тиит мастан кыраабыл тииһин саҕа суоннаах гына төкүнүтэ кыһан оҥорон баран, ыккардын биир сэнтимиэтир тэйиччи иҥиннэриллэр
    МАП ЧУу

2 туохтуур #

Төгүрүк, төкүнүк быһыылааҕы туох эмэ устун бэйэтинэн эргитэн хамсат, үҥкүрүҥнэт

Нууччалыы Двигать что-л. круглое, округлое, перекатывая, вращая по какой-л. поверхности

  • Мылахов ону [табаҕы] тоҕо эрэ эһэ охсон ылла, онтон имиппэхтээн баран, остуол сирэйигэр төкүнүттэ.
    Н. Лугинов
  • Ортуур, массыына киэҥник килэдийбит суолугар дэҥҥэ көстөр сылгы сааҕын ыраах тэбиэлээн төкүнүтэ-төкүнүтэ, дьиэтин диэки бэдьэйэ сиэлэн хаамта.
    П. Аввакумов
  • Көмөлөөн буочукалаах сэлээркэни гараас иһигэр төкүнүтэн киллэрэн олохтоох сирин буллардылар
    У. Ойуур

3 туохтуур #

Кими эмэ хантан эмэ үҥкүрүтэн түһэр

Нууччалыы Скатывать кого-л. откуда-л., валить. [Байбааскы] Харытыананы икки илиитинэн сиргэ халаачык курдук төкүнүттэ

  • [Көстөкүүнү] илиитинэн тобугун куустаран олуйан кэбиһэллэр, ол гынан баран тиэрэ анньыалаан төкүнүтэллэр.
    Күндэ
  • [Испо – Токи Ньукулайга:] Эйигин илиигин-атаххын кэлгийэн баран, наартаҕыттан төкүнүтэн кэбиһэбит. А. Кривошапкин (тылб.)

4 туохтуур #

харыс т. Тугу эмэ өлөрөн сууллар (бултуу сылдьан)

Нууччалыы Завалить кого-л., убить, подстрелить (на охоте)

  • Сахаар аҥаар да илиитинэн бэркэ ытар эбит. Куобаҕы хата сүүрдэн иһэн төкүнүтэн түһэрэр.
    Суорун Омоллоон
  • Уохтаах карабинынан Оҕо тайаҕы охтордо, Бүүчээни төкүнүттэ, Туртаһы тулумайдаата.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Кытылга сүөһү элбэх дии, биир эмэ борооскуну киллэрэн төкүнүппэппит дуо?
    ХС

5 этии #

Төкүнүтэн кэбис кэпс. – кими эмэ дуоһунаһыттан уһул, үлэтиттэн уурат Сирэй миниистири төкүнүтэн кэбиһэллэр, ол оннугар Терентьеви аныыллар үһү диэн сурах тарҕанар. Н. Лугинов

Нууччалыы Скинуть кого-л. с должности, уволить кого-л. с работы

«Т» буукуба