Перевод с якутского
мүһэ
аат тыл
Нууччалыы каждая из восьми частей разрубленной скотской туши или зверя
1 аат тыл #
Сүөһү, кыыл сүһүөхтэринэн араартаан быһыллыбыта (сүөһү аҕыс мүһэлээх)
Нууччалыы Каждая из восьми частей разрубленной скотской туши или зверя (у скота восемь частей туши)
Киэһэтигэр хас эмэ байтаһыны өлөрөн, мүһэ-мүһэ быһаттаабыттар. Эрилик Эристиин Үгүс географическай тиэрминнэри бары норуоттар киһи-сүөһү мүһэтинэн, ис уорганнарын ааттарынан ааттыыллар эбит Багдарыын Сүлбэ Национальнай оонньууларга кыайбыттарга бириис быһыытынан туттарыллар бүтүннүү буспут силиилээх, эттээх окумал эбэтэр уллук уҥуоҕа. Θ Приз за победу в национальных видах спорта в виде бедренной кости животного с мясом в верхней части. "Сөрүүн түспүччэ дьэ сырсан элэгэлдьитиҥ эрэ. Ким үс бастаан кэлбиттэр ити мүһэлэри ылыахтара," - диэтэ кинээс. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
Кылыйан кыыралдьыттылар, куобахтаан түһүөлээтилэр, буурдаан ыстаннылар. Кыайбыттарга мүһэ туттардылар. В. Протодьяконов Кини кылыйан, буурдаан уонна мас тардыһан тэҥнээҕин булбатаҕа. Кыайыылаахтар мүһэ туппуттара Чолбон
2 этии #
Мүһэлээҕи бүдүрүт фольк. - улахан кыылы эбэтэр анаан уотуллубут сүөһүнү өлөр (сииргэ анаан) Түөстээҕи түҥнэрбиттэр, бытталааҕы бысталаабыттар, хаһалааҕы хайыталаабыттар, мүһэлээҕи бүдүрүтэлээбиттэр. Саха сэһ. I. Ср. монг. мөч, бур. мүсэ ‘конечность’, кирг. мүчө ‘часть тела’, тув. дөрт мөчү ‘конечности’, ног. муъше ‘части тела, кусок мяса, который относят родственникам или близким соседям после того, как забьют овцу или лошадь’
Нууччалыы Завалить зверя или забить крупный рогатый скот