ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

угут

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы наводнение

English flood

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы наводнение

English flood

  • сааскы угут
    весенний паводокa spring flood
I

2 аат тыл #

Ардах элбэҕиттэн сир-дойду, өрүс, күөл улаханнык ууланыылара, уу элбээһинэ

Нууччалыы Половодье, разлив

  • Ол [уот] кэнниттэн уон сылы быһа угут бөҕө буолар.
    И. Данилов
  • Ол эрээри, улахан угут олус сэдэх. Быйыл-хара хапсыыр саас.
    ХС
  • Ааспыт сайын оройуоҥҥа улахан угут буолан оттооһун былаана ырааҕынан толоруллубатаҕа
    Кыым

3 даҕааһын #

суолт. Ардахтаах, дэлэй уулаах

Нууччалыы Дождливый, с большим количеством осадков

  • "Быйыл күөл уута үллэ тоҥно, эһиил угут сайын буолуо", – Огдооччуйа үрүҥ көмүс хамсатын оборо-оборо эһиилгини төлкөлөөтө.
    И. Гоголев
  • Үс күрүө сириттэн Сабардам угут дьылга сэттэлии-тоҕустуу сүүскэ тиийэ бугулу туруорара.
    Болот Боотур
  • Биир угут дьыл кэнниттэн, кырдьык, көлүйэ сүрдээх улахан күөлгэ кубулуйбут
    Багдарыын Сүлбэ
II

4 аат тыл #

Ыалдьар сиргэ ууруллар сылаас (сылытыллыбыт) күл, кумах о. д. а.; ыалдьар сири тугунан эмэнэн сылытан эмтээһин, эмтэнии

Нууччалыы Лечебная процедура прогревание больного места сыпучим или размягчённым веществом, припарка

  • Итии күл угуту Таҕайар кэриэтэ, Көхсүбэр күн уотун Сылама суоһаата.
    Баал Хабырыыс
  • Кыынньыбыт үүтү иһэн, кыыс хабарҕатыгар сылаас угут ууран баран эмиэ оронугар токуллан сытта, этэ-сиинэ сымнаан, нусхайан хаалла
    Е. Неймохов

«У» буукуба