Перевод с якутского
уларый
туохтуур
Нууччалыы становиться иным, изменяться, меняться
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Уруккугуттан атын, уратылаах буол; туохтан эмэ атыннаах, уратылаах буол
Нууччалыы Становиться иным, изменяться, меняться
Туох да уһуктаах, Барыта баранар, Кэм-кэрдии ситэр, Олох-дьаһах уларыйар. А. Софронов Өрө дабайан тахсан истэҕин аайы, маһа-ото улам уларыйан истэ. Амма Аччыгыйа Миша куруутун буоларын курдук, дьон ортотугар киирдэр эрэ уларыйан хаалар
Н. Лугинов
2 туохтуур #
Бигэргэммиттэн атын буол (үксүгэр суут бириигэбэрин этэргэ)
Нууччалыы Отменяться (обычно о приговоре суда)
Суут уурааҕа уларыйда
3 туохтуур #
Сыҕарый, миэстэҕин уларыт (хол., олорор, турар сиргин)
Нууччалыы Отодвигаться, перемещаться на другое место
“Бу кэрэдэк наһаалаан да эрэр”, – диэн баран Андриан оҕонньор омунугар олорор сириттэн уларыйда М. Доҕордуурап
4 этии #
Нууччалыы Измениться в лице
Этиилэр
Дьүһүн кубулун (уларый) көр дьүһүн
Саха олоҥхотугар удаҕаттар даҕаны, бухатыырдар даҕаны дьүһүн уларыйар кубулҕаттаахтар. "Чолбон".
Сир уларый көр сир II
[Ойуурап:] Ийэ дойдуларын тыатын сытын бэйэлэригэр иҥэрбит оҕолор ханна да сир уларыйыахтара суоҕа. С. Ефремов Дьон сүбэтин ылынан, мин сир уларыйан, сотору Абыйга кэлэн олохсуйбутум. ИСА.
Хаана уларыйар
туохтан эрэ сирэйэ, дьүһүнэ уларыйар (хол.
, кыыһыран, соһуйан, долгуйан о. д. а.) Аҕам сүрдээҕин кыыһырбыт. Хаана хараара уларыйбыт. Саха фольк [Кэтириис хаана уларыйан баран:] Ээ, тоҕо эмиэ манна сырыттаҕай? А. Софронов
Өссө холобурдар (2)
Оҕонньору кытта кэпсэтэ олорбут киһи хайдах эрэ курус гынан, хаана уларыйа түһэр. Н. Якутскай Тэҥн. хаана хамсаата
5 этии #
Уларыйар саҥа чааһа тыл үөр. – түһүгүнэн эбэтэр сирэйинэн уларыйар саҥа чаастара Саха тылыгар уларыйар саҥа чаастарынан ааттар, туохтуурдар буолаллар. Уларыйбат саҥа чааһа тыл үөр. – түһүктээһиҥҥэ, сирэйдэниигэ бас бэриммэт саҥа чаастара. Неизменяемые части речи. Сыһыат, дьүһүннүүр тыл, тыаһы үтүктэр тыл, саҥа аллайыы, дьөһүөл, эбиискэ, ситим тыл – уларыйбат саҥа чаастара
Нууччалыы Изменяемые части речи