ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уларыт

туохтуур

Нууччалыы в форме деепричастия на -ан выступает в роли вспомогательного глагола со значением “делать заново, переделывать”

Ис хоһооно · 5

1 #

ан сыһыат туохтууру кытта туттуллан, “саҥаттан оҥор” диэн суолталаах көмө туохтуур буолар

Нууччалыы В форме деепричастия на -ан выступает в роли вспомогательного глагола со значением “делать заново, переделывать”

  • уларый диэнтэн дьаһ. туһ. Урукку ол-бу кэпсээнин, Уус баҕайытык уларытан, Онон-манан олоон ылан Онолуйар эбит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Үрүҥ күдэн буолаҥҥын, Үөһээ даа көттөххүнэ, Уллуҥаххыттан харбыаҕым, Уллуҥах устата уларытыам суоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Саха дьонугар омугумсуйуу ыар буруйун сүктэрбит 1952 сыллааҕы уурааҕы уларытар, сымнатар 1962 сыллаах уураах тахсар.
    ПНИ АДХ
Өссө холобурдар (4)
  • Уларытан тэрий. Уларытан оҥор.
  • Төҥүлү муостатын түөртэ уларытан тутарга харчы эмиэ наада.
    П. Ойуунускай
  • Биһиги үлэбитин бүтүннүүтүн байыаннай майгынынан уларытан тутуох тустаахпыт.
    Суорун Омоллоон
  • Бүлүмүөтчүк лиэнтэтин уларытар кэмигэр бандьыыттар тыа диэки сырыстылар
    Амма Аччыгыйа

2 #

Тугу эмэ атастаһыннар

Нууччалыы Менять, подменивать что-л

  • Капитонов Терентьева ынахтары уларыппытын билэн баран кыһамматаҕар буруйун билиннэ.
    М. Доҕордуурап
  • [Семён Иванович:] Хайдах билбэтим? Оччоҕо мин сымыйалыыбын дуо? Эбэтэр эһиги үүккүтүн мин уларытан аҕаллым дуу?
    С. Ефремов

3 #

Кэтэ сылдьар таҥаскын устан атын таҥаһы кэт

Нууччалыы Переодеваться, переобуваться. [Маня:] Мин таҥаспын уларытан баран, кулуупка барыам

  • Владимир Николаевич, бадараан, быыл буолбут таҥаһын уларытар түгэнэ суох, бириистэҥҥэ тэбиннэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тиийбитим, Мишам оҕотун кытта бодьуустаһа, көлөһүн буолбут таҥаһын уларыта олорор
    Күрүлгэн-

4 этии #

Этиилэр

Сир уларыт

сир уларый диэн курдук (көр сир II).

  • Кэтэхтэн үрдүк үөрэххэ үөрэнэр киһи бүтэрэн баран, сир уларытыа эбиккин. ПТК. Кыыһы өрүс уҥуор таһааран сир уларыттылар.
    ИСА

5 этии #

Тылы уларытар сыһыарыы тыл үөр. – грамматическай көмө суолталаах сыһыарыылар уурдарга тылы уларытар сыһыарыылар элбэхтэр. ПНЕ СТ.

Нууччалыы Аффиксы, имеющие вспомогательные грамматические значения

Этиилэр

Уларыта тутуу

дойдуга ыытыллар уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уларыйыыны ааттааһын.

Направление развития государства, перестройка.

  • Уларыта тутуу илгэлээх тыына сайан, хаһыакка бэчээттиир матырыйаалларбыт ис хоһоонноро байарын тэҥинэн тыллара-өстөрө эмиэ тупсарын туһугар кыһанабыт.
    ЭК
  • Дойдуга уларыта тутуу сүрүн эйгэтинэн экэниэмикэ буолар. ПИО ТС. Бастаан саҕаланарыгар туруоруллубут үрдүк сыалларын уларыта тутуу ситиспэтэҕин бүгүн кэлэн биллибит. “Чолбон”

«У» буукуба