ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

улгум

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы податливый, послушный, услужливый (человек). [Солко:] Бэрт эдэркээн, сүрдээх улгум оҕо

1 даҕааһын #

Элбэхтэ этиппэт, толоругас, түргэн-тарҕан (киһи)

Нууччалыы Податливый, послушный, услужливый (человек). [Солко:] Бэрт эдэркээн, сүрдээх улгум оҕо

  • Барахсаанап диэн.
    С. Ефремов
  • Хата, уолум барахсан улгум киһи буолан биэрдэ.
    В. Ойуурускай
  • Михаил Андреевич оҕолортон элбэх улгум көмөлөһөөччүлэрдээх буолбута
    И. Федосеев

2 даҕааһын #

Бугуйумтуота суох, сорудаҕы толорор, аллаах (ынах сүөһү, сылгы туһунан)

Нууччалыы Хорошо идущий на поводу (о скоте)

  • Мин омоон суолум – Хоһооннорум – Мин улгум соноҕосторум!
    С. Данилов
  • Сэмэн уруккуттан билэр атын мииммитэ. Бу бэрт улгум ат.
    Н. Якутскай
  • Оҕуһум дьиэтигэр тахсарыгар баҕас дьэ улгум аҕай! Сиэлэн-хааман силликичийэр. “
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Эйэҕэһэ-сайаҕаһа, улгума, үөрэн-көтөн бэртээхэй уол, ама!
    Р. Кулаковскай
  • Уйбаан ханнык баҕарар үлэҕэ улгума.
    С. Федотов
  • Эдэрдэр эрэ кэтэмэҕэйдээбэттэр, барыга бары улгумнар. “
    ХС

3 аат тыл #

суолт. Толоругас, түргэн киһи

Нууччалыы Послушный, уступчивый человек

«У» буукуба