Перевод с якутского
ылааҥы
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы ясный, солнечный, тёплый
1 даҕааһын #
1. даҕ. Ыраас халлааннаах, тыала суох сылаас (күн)
Нууччалыы Ясный, солнечный, тёплый (день)
Харах саатар чаҕылхай сырдык ылааҥы күннэр буолбуттара. Далан Балыксыттар ылааҥы күннэр буолалларын тэһийбэккэ кэтэһэллэрэ. В. Яковлев Муус устар саҥатынааҕы сааскы ылааҥы күн этэ
Н. Лугинов
2 даҕааһын #
Сымнаҕас хааннаах, көрдөһүүгэ аккаастаммат көрүҥнээх
Нууччалыы Мягкий, покорный, уступчивый (на вид снаружи)
Оҕонньортон ат көрдөөбүппэр, ылааҥы: биэрииһи ДСЯЯ Тоҥмут тугуттарын табалар Күн ылааҥытыгар таһаардылар. С. Данилов Көппөх, илдьиркэй былыттар Күнү күлүктээн саппаттар: Сылаас ылааҥы налыйда. М. Тимофеев
Өссө холобурдар (1)
Хаар уулунна, Харалдьыт таҕыста. Таһырдьа ылааҥы бөҕө И. Федосеев
3 аат тыл #
суолт. Тымныыта, дьыбара суох, күн уота сылытар сааскы кэмэ
Нууччалыы Солнечная, тёплая весенняя пора