ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күннээх

даҕааһын

Нууччалыы солнечный, ярко освещаемый солнцем

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

даҕ

  • Мин көрдүм күннээх Кавказ Модун, күөх хайаларын Кыһына суох уоттаах куйаас Илиҥҥи дойдулары.
    С. Данилов
  • Никита сааскытыйан эрэр чаҕылхай күннээх уулусса устун сүүрэ-хаама былаастаан иннин хоту дьулуруйан истэ
    Н. Лугинов

2 даҕааһын #

Күн уота күүскэ сырдыктык тыгар

Нууччалыы Солнечный, ярко освещаемый солнцем

3 даҕааһын #

Биир үлэ күнүгэр тэҥнэһэр

Нууччалыы Содержащий столько-то дней, требующий столько-то дней

  • Элбэх үлэһиттээх, үгүс күннээх ыал дохуоту хоторор буолбуттар ээ?
    В. Протодьяконов
  • Биэс күннээх стахановскай вахтанан бэлиэтэммит былаана наһааттан-наһаа толорулунна
    М. Доҕордуурап

4 даҕааһын #

көр күннүктээх

5 даҕааһын #

- Ол балаҕан ханна баарый? - Мантан биир күннээх айан. "ХС"

6 этии #

Күннээх халлааҥҥа көстүбэтэх - былыттаах халлааҥҥа быкпатах диэн курдук (көр былыт). [Кыыс оҕо барахсан] Былыттаах халлааҥҥа быкпакка, Күннээх халлааҥҥа көстүбэккэ Олорбута эбитэ үһү. Суорун Омоллоон

«К» буукуба