ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

самаан

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы кирпич-сырец из глины с примесью навоза, соломы; саман

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Туойга киини, соломону холбуу мэһийэн оҥоһуллар умайбатах кирпииччэ

Нууччалыы Кирпич-сырец из глины с примесью навоза, соломы; саман

  • Суолларын уҥа өттө - күөх хонуу, хаҥас өттө сырыынньа эниэ үрдэлгэ хомус от хоруобуйалаах маҥан оппуоханан сотуллубут самаан дьиэлэр
    Н. Якутскай
II

2 даҕааһын #

, поэт

  • Самаан сайын. Самаан салгын.
  • [Дьыл оҕуһа] Аан дойдуга кэлэн Айаҕын атан туран Аҕылаабытыгар - Чаан туман Тахсан кэлбит, Самаан күн Чааһынан намтаабыта.
    Саха фольк
  • Кыталык хоту сиргэ кэллэр эрэ, самаан сайын салаллар.
    С. Дадаскинов
Өссө холобурдар (2)
  • Самаан саас сандааран, саһаан хаар ирэрэ, Силиһи силгэйэн, хаспаҕы хайытан, Сис уута киирэрэ, сир ийэ тиллэрэ.
    С. Васильев
  • Төһө да сааһырдар билигин самаан салгыҥҥа оҕустаран, самыырга сайҕатан чэгиэннирбит тиит мастыы тэтиэнэх, -- сытыы-хотуу кырдьаҕас
    Н. Борисов

3 даҕааһын #

Сырдык, сылаас, баары барытын сылаанньыта сайар

Нууччалыы Солнечный, тёплый, благодатный (напр., о летнем времени)

4 даҕааһын #

көр саамал. Көйүү кымыһынан Күөмэйдэрин оҥорбуттар, Самаан кымыһынан Санааларын саатаппыттар. П. Ойуунускай

III

5 #

сай-самаан - көр сай. Манныкка мин ийэлээх аҕам: "Дьон кыаммата-кырата Сай-самаан сайылыкка, Кырыа-хаар кыстыкка Үс хос батталлаах үйэҕэ Үөскээбиппит", - дэһэллэрэ. К. Туйаарыскай

«С» буукуба