ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

улуутуй

туохтуур

Нууччалыы вести себя надменно, напускать на себя важность. [Дьаакып кинээс:] Хайа, нохоо, Тиитэп!

1 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ киэбирэ, киэмсийэ тутун

Нууччалыы Вести себя надменно, напускать на себя важность. [Дьаакып кинээс:] Хайа, нохоо, Тиитэп!

  • Аҕаҥ тоҕо кэлбэтэ? Улуутуйан олордоҕо дии.
    А. Софронов
  • “Арамаан Дьөгүөрэп хотуна Марыына, арыгыта аҕаллын, умнаһыкка дылы киһинэн ыытан баран, улуутуйа сыппатын, сирэй бэйэтинэн аҕалан биэрдин”, – диэн буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Уопуттаах киһи буолан улуутуйбутун көрүөҥ этэ
    Суорун Омоллоон

2 туохтуур #

Ураты улахан, кэрэ көстүүлээх курдук буолан көһүн

Нууччалыы Вести себя величаво, величественно. [Очуостар] Чыыстай улугурбут уутун маныыр курдук, чуумпуран, улуутуйан олороллоро көстөр

  • Күн аннын диэкиттэн түөрт кылбаа маҥан көтөр улуутуйа мөлбөйөн, кэрэтик дайбанан кэлэн аттыбытынан көтөн аастылар.
    И. Данилов
  • Манна Алдан кэҥээн-киэптэнэн улуутуйа устар эбит. “
    ХС

3 этии #

Нууччалыы Громовержец (божество)

  • Улуутуйар Улуу (Хара Суорун) тойон миф. – этиҥ таҥаратын аата Уолугун төрдүгэр Улар саҕа урдаах Уолуйан уһуктар Улуутуйар Улуу тойоҥҥо умсуйда.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Үөһэ үлүскэннээх үрдүк мэҥийэ халлаан Үөтүүлээх үрүт өттүгэр үөскээбит, Аныардаах алып-чаалай халлаан Алдьархайдаах аймахтарын аҕалара-ийэлэрэ буолбут Улуутуйар Улуу тойон.
    П. Ойуунускай
  • [Хаҥыллай:] Улуутуйар Хара Суорун тойон Хаһан эмэ хара суор буолан кубулунан Уол оҕо чулуутун үрдүнэн Анаан-минээн халаатыыр дииллэр. И. Гоголев

«У» буукуба