ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

улуу

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы выдающийся, великий

English great, big, large

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Чулууттан чулуу, сүҥкэн

Нууччалыы Выдающийся, великий

2 даҕааһын #

Киһи саллыан курдук, суостаах-суодаллаах, дьулааннаах

Нууччалыы Страшный, грозный

  • Улуу кыыл.
  • Аас-майах аргыстаах, Иҥсэ-мэнэгэй эҥээрдээх, Оп-соллоҥ ойоҕостоох Олуурдаах улуу дьыл оҕуһа Уста турда.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Хаһан, хайдах хайа кэмҥэ Халбарыйтай улуу эрэй?
    Эллэй
Өссө холобурдар (3)
  • Оҕо хоһоонньуттар кэлэллэр куруутун, Улууттан намыһахтык санаммакка.
    С. Данилов
  • Эһэлээх аҕаҥ эйиэхэ Биэртэр сир улуутун.
    И. Эртюков
  • Уруккулар улуулар Бүгүҥҥүлээх буоланнар
    Айталын

3 аат тыл #

суолт. Бэртэн бэрт, чулуу ким, туох эмэ

Нууччалыы Кто-что-л. выдающееся, великое

4 этии #

Нууччалыы Мой достопочтенный, мой почтеннейший (обычно при обращении к старику, пользующемуся особым уважением и почётом)

Этиилэр

Улуу хаараҕаным

ытыктанар кырдьаҕас (үксүгэр ытыктанар кырдьаҕас, аҕам саастаах киһиэхэ туһаайан этэргэ тут-лар)

5 этии #

Нууччалыы Чудило, чудовище, уродина

Этиилэр

Улуу дьаалы

дьаалы диэн курдук.

  • Уруурҕаһыннарбыт улуу дьаалы буолан Урууга угуйуллар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Кыһыл Ойуун:] Кыһыл Ойуун улуу дьаалы Хааннаах далай ытыспынан Хара норуот хараҕын аһан, Көрбөт хараҕын көрдөрөн, Көҥүлүн уотун уматыам дуо?!
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Оо, оҕонньор, улуу дьаалы, өйүн-төйүн көр эрэ! Дьэ, билигин Бииктэр оҕо биһигиттэн ханна куотар үһүгүн?!
    Л. Попов

Улуу дьыл көр дьыл

Кыһыҥҥы кэми норуот поэзиятыгар улуу дьыл диэн ааттаан хоһуйаллара. "Кыым". Улуу күтүр фольк. – көрөргө сүөргү, ынырык абааһы Умсуурдаах улуу күтүрдэр, Уораҕайдаах уот буурайдар Алдьархайдаах аллараа дойдуга [олохсуйбуттара]. П. Ойуунускай. Улуу күтүр, Өлөр өлүү, Куттаммыттыы, Чолоччу тутунна. С. Зверев. Улуу күтүр! Сииктэ киллэрин. П. Тобуруокап. Дьулааннаах улуу күтүр Дьэ, күлэн күһүгүрүүр. П. Дмитриев. Улуу кыыл түөлбэ., харыс т. – 1) эһэ.

Медведь.

Эһэ харыс ааттара

эһэ, эбэ, тойон, улуу кыыл, тыатааҕы, арбаҕастаах, мэлбэр, моҕус, сырҕан, хадаччы, маппыйар, таптыыгын, накыта, накыйбан. КАЕ НТ; 2) тайах.

Лось.

Отелло Маврга өһө-сааһа

улуу омугумсуйуу өһө-сааһа. Эрчимэн. Улуу салгын түөлбэ., харыс т. – улахан дьаҥ, сыстыганнаах ыарыы.

Эпидемия.

  • Бу улуу салгыҥҥа икки оҕом өлбүтэ. ДСЯЯ.

Улуу тунах

1) көр тунах. “Улуу тунах бастакы быйаҥа”, – диэт, Иван уус чороонноох кымыһы күөрэччи анньан ылаттаата. М. Доҕордуурап; 2) сайын буолуута күөх от үүнэн, ынах, биэ үксэ төрөөн, үрүҥ ас дэлэйэрэ.

Наибольшее изобилие молочных продуктов в начале лета.

  • Уйгу-быйаҥ туругурбут, Улуу тунах олохсуйбут, Тоҕус толоҕой сэлэ диэн Тоҕуоруйан торолуйбут [дойду эбит]. Үс сыл буолан баран, улуу тунах саҕана арай биирдэ Омоҕой уолаттара көөртөрө: иккис сүһүөх сайыҥҥы уунан өрүс өрөтүттэн кус, кыыл түүтэ устан ааһар. Саха сэһ. I

«У» буукуба