Перевод с якутского
умналас
умналаа диэнтэн холб. туһ. Аччыктаан иэҕэҥнэс буолбут, сирэйэ дагдайа испит дьахтар ынаҕар хомус хомуйан, сороҕор чугастааҕы ыаллартан от умналаһан сордонор. С. Никифоров Оттон умналаһан ылбыт бытархайын мунньан син биир арыгы гыныа дии. Саатар кыратык аһаатын ээ. Огдо. Бурдук бүтэн ыалтан умналаһан, сүүрүү-көтүү, таҥалайы таҥсыныы бөҕө буолара. Н. Заболоцкай Эбиитин умналаһан ас булунар дьулаан дьүһүннээх икки бөтөс сыстан баран арахсыбакка сордоотулар. У. Ойуур