ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

унаарый

туохтуур

Нууччалыы подниматься вверх медленно и плавно (напр

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Оһох, оһох аайыттан Унаарыйда күөх буруо. Эллэй. Табах хойуу буруота унаарыйар.
    Г. Угаров
  • Ыал аайы титиик далыгар Ыраах буруо унаарыйда
    С. Васильев

2 туохтуур #

Бытааннык үөһэ диэки сыыйыллан таҕыс (хол., буруо, туман туһунан)

Нууччалыы Подниматься вверх медленно и плавно (напр., о дыме, тумане)

3 туохтуур #

Бытааннык, наҕыллык эҥээритэн саҥар

Нууччалыы Говорить плавно, неторопливо

  • “Кэбиһиҥ даа, мөккүһүмэҥ”, – диэн унаарыйда ийэлэрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Лэкиэс Сэктээйэп саҥата унаарыйда: ”Чэ, хонук сирбит диэки хаамсыаххайыҥ дуу?”
    Э. Соколов
  • Нарыйаан сахалыы саҥатын истэн чэпчээбиттии дьахтар үөрбүт куолаһа унаарыйда
    Тумарча

4 туохтуур #

Долгулдьуйан, хамсаан көһүн (өлгөмнүк үүммүт от туһунан)

Нууччалыы Колыхаться, волноваться (о сочной высокой траве)

  • Унаарыктыыр күөх от унаарыйда. ПЭК СЯЯ. Ойуулаах-мандардаах Отум-маһым Улаҕата биллибэт Удьур күөх муора буолан Унаарыйа долгуйа кутуллубут эбит
    С. Зверев

5 туохтуур #

Ыксаабакка, наҕыллык, аа-дьуо тугу эмэ гын, оҥор

Нууччалыы Делать что-л. спокойно, неторопливо

  • Абааһы бухатыыра Айталыын куону үстэ үрэр. Кыыс унаарыйбытынан утуйан барар.
    Суорун Омоллоон
  • [Хоодуотап:] Оттон эн, Солко оҕо [киһи аата], тоҕо үлэлээбэккэ унаарыйа сылдьаҕын?
    С. Ефремов
  • Кини куба курдук устан, унаарыйан аастаҕына, биһиги имэрийэ көрөн эрэ хааларбыт. “Чолбон”. Тураҕас көҕөрө тардыллан турар хайалар диэки сүүрэн унаарыйбыта. “
    ХС

6 туохтуур #

Ыраахха диэри уһаан, синньээн көһүн

Нууччалыы Становиться более длинным, растягиваться в длину, стлаться, протягиваться вдаль

  • Ламма үрэх уҥуоргу мыраана баархаты сыыйа тарпыттыы, унаарыйан көһүннэ.
    М. Доҕордуурап
  • Оо, Талбаарытта үрэҕэ диэн көҕөрө унаарыйан үтүө да дойду эбит.
    Болот Боотур
  • Унаарыйа субуллан Өлүөнэ оргууй устар
    Баал Хабырыыс

«У» буукуба