ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

унаарыт

Нууччалыы спокойно, мягко куриться

Ис хоһооно · 4

1 #

Оргууй аҕай наҕыллык сыыйыллар буруону таһаар

Нууччалыы Спокойно, мягко куриться

  • унаарый 2, 4 диэн курдук. “Кэпсээниҥ?” – оҕонньор, кэтэҕин тардыстан сытан, эйэ-дэмнээхтик унаарытта. Софр. Данилов. [Хойостоон:] Кырдьык, үтүө сылабаар эбит. Хаарыаны, өҥүрүк куйаас күн иннибэр ласхаччы уурунан баран кутан иһэн унаарыта олордорбун!
    И. Гоголев
  • Кыргыттар аргыый аҕай От мунньан унаарыттылар. Ф. Софронов
  • Оҕонньор табахтаан унаарытта.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Дэриэбинэ оһохторун урааларыттан чуумпу бэйэлээх күөх буруолары халлааҥҥа туруору унаарыппыт. Софр. Данилов. Хас киэһэ ахсын атыыр үөрүн аайы түптэ унаарыталлара
    И. Федосеев

2 #

Уһун синньигэс буолар гына тугу эмэ гын

Нууччалыы Делать что-л., словно протягивая в длину. [Тээллэриис] тииһин быыһынан “чыырк” гына силлээн унаарытар

  • Сэллик атыыһыт, мээнэнэн килэччи көрө-көрө, араҕастыҥы үрүҥ чалахайынан силлээн унаарытар.
    Н. Лугинов
  • Саллаат тииһин быыһынан ыраах силлээн унаарытта. В. Катаев (тылб.)

3 #

Бытааннык, сыыйа тардан ыллаа

Нууччалыы Затягивать (песню)

  • Кыргыттар, дьахталлар ыллаан унаарыталлар. “
    ХС

4 этии #

буруону унаарыт – баайдык-тоттук, дьоллоохтук-соргулаахтык олор А. Софронов. [Кээчэ:] Оҕолор бэйэбит оннубутугар ыал буолан буруобутун унаарытыахтара. П. Ойуунускай

Нууччалыы Жить богато, счастливо (букв. протягивать дым на большое пространство). [Ньукулай:] Эмиэ кини оннугар унаар күөх буруону унаарытаарыгын күтүөт оҕо буолан олорор сырайгын бар дьон көрбөттөр ээ!

«У» буукуба