ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырай

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы быть чрезмерно худым, тощим, костлявым

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

дьүһ. туохт. Этэ-сиинэ суох, олус ырыган, дьүдьэх буол

Нууччалыы Быть чрезмерно худым, тощим, костлявым

  • Ырайа дьүдьэйбит Ырыган ыт оҕото Уулуссаҕа муммутун Уйадыйа көрбүт Эһэ оҕото эрэйдээх -- Дьоҕус уйатыгар Дьукаах ылбыт
    ХС

2 этии #

Ырайар ыт сөбүлээб. – харса-хабыра суох, сиэр-майгы диэни билиммэт, аһынары-харыһыйары билбэт, кэрээниттэн тахсыбыт киһи "Ырайар ыт ити буоллаҕа буолуо", – дии санаата кини [Левинсон – кырасыабай эписиэри]. А. Фадеев (тылб.).

Нууччалыы Очень жестокий, безжалостный человек (букв. тощая собака)

Этиилэр

Ардыгар кулут дьон дьиҥигэр

Адьас ырайар ыттар: Таһыырдаах тойону кинилэр Эбии күүскэ таптыыллар.

  • Ср. ДТС ар, алт. ары ʽуставать, утомляться; тощать, худетьʼ
II

3 аат тыл #

Христианскай итэҕэл үөрэҕинэн айыыта-харата суох киһи өллөҕүнэ, дууһата үйэ-саас тухары дьоллоох олоҕу олорор Үөһээ дойдута

Нууччалыы Место, где по религиозным представлениям души умерших праведников пребывают в вечном блаженстве, рай

  • Ойуун ойоҕо ырайга тахсар, аҕабыыт ойоҕо аакка түһэр (өс хоһ.). Адам эрэйдээх Еваны эккирэтэн ырайтан маппыта, бүтүн айбыт таҥара сокуонун умнубута.
    П. Ойуунускай
  • Хартыына ортотугар Христос дьону айыыларынан-хараларынан көрөн ырайга уонна аакка атаартыыр
    Далан

4 аат тыл #

Кыһалҕата суох, нус-хас, дьоллоох олох

Нууччалыы Прекрасные условия, обстановка для спокойной, счастливой жизни, рай

  • Сахам сирэ – миэхэ ырай.
    В. Гольдеров
  • Онно оҕо олоҕор Дьиҥнээх ырай көрсүбүтэ, Ардыгар "мэник-чолоҕор" Аатырара сүппүтэ
    ХС

5 этии #

Нууччалыы Необыкновенно красивое место, где можно счастливо и безмятежно жить, земной рай

Этиилэр

Сирдээҕи ырай

ырайга тэҥнээх олус кэрэ сир-дойду Мин бу сирдээҕи ырайга туран аан дойдуга саамай кытаанах килиимэттээх Сахам сирин ахтабын.

  • [Шевченко] "Түүл" диэн -- поэматыгар, буржуазнай суруйааччылар сирдээҕи ырайынан ааттаабыт Украиналарыгар утары туруоран, дьиҥнээх Украина киһи сүрэҕин-быарын уйадытар ынырык хартыынатын ойуулаабыта. Софр. Данилов.

Ырай дойдута

дьол-соргу тосхойор сирэ-уота.

Рай земной, обетованная земля.

Улам-улам дууһабар, сүрэхпэр чэпчэки-чэпчэки буолла

туох да омуна суох ырай дойдутугар үктэнэн эрэрдии сананным.

  • "ХС".

Ырай олоҕо

кыһалҕата суох, дьоллоох олох.

Счастливая, безмятежная, райская жизнь.

  • Уруккуга холуйдахха, ырай олоҕо саҕаланна.
    Н. Босиков
  • Оччолорго дьадаҥы киһиэхэ ырай олоҕо тиксибэтэҕэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Кэргэнин, оҕотун, дьонун ортотугар ахтылҕанын таһааран, уоппускалара диэн ырай олоҕо буоларын этинэн-хаанынан саҥардыы билэн эрэр. "Чолбон"

«Ы» буукуба