ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уобалас

аат тыл

Нууччалыы крупная административно-территориальная единица, область

English region, oblast

1 аат тыл #

Бөдөҥ административнай-территориальнай единица

Нууччалыы Крупная административно-территориальная единица, область

  • Талба нэһилиэгиттэн Охоноос Маппыайап Саха уобалаһын мунньаҕар сылдьыбыта.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьоппуон сэбинэн, бүтүн уобалас Сэбиэскэй утары туруоҕа. Дьуон Дьаҥылы. Саха сириттэн барааччылар Иркутскай уобалас биир ыстаансыйатыгар тиийэн кутуллубуттара
    ССС

2 аат тыл #

Ханнык эмэ көстүү, балаһа, сир, курдааһын тэнийбит чэрчитэ, быыһа

Нууччалыы Пределы, в которых распространено какое-л. явление, зона, пояс

  • Үөннэр-көйүүрдэр үрдүк хайаларга, кумах куйаардарга уонна полярнай уобаластарга бааллар. ББЕ З

3 аат тыл #

Үлэ салаата, дьарык, өйдөбүл хабаана

Нууччалыы Отрасль деятельности, круг занятий, представлений

  • Аспыраан сүрүн сыала – талбыт уобалаһыгар дириҥ билиини иҥэринэн наука инники кирбиитигэр киирии.
    Н. Лугинов
  • Тиэрминнэр тылдьыттарыгар наука, тиэхиньикэ, ускуустуба уонна онтон да атын уобаластар тустаах салааларынан олоҕурар анал туттуллуулаах тиэрмин тыллар быһаарыллаллар. АПС СЛ. Биллэн турар, бу оҕолор математика уобалаһын дириҥник үөрэтэр үрдүк оскуолаларга киирэр кыахтара суох
    ОАП ОДьТС

«У» буукуба