Перевод с якутского
уодаһын
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы злонамеренность, прикрытая показным доброжелательством, коварство, вероломство
1 аат тыл #
Кими эмэ албыннаан куһаҕаҥҥа тэбии, кубулҕат быһыы, үктэтиилээх өй-санаа
Нууччалыы Злонамеренность, прикрытая показным доброжелательством, коварство, вероломство
Баай иһин, барыс иһин төһөлөөх да уодаһыны, ханнык да сидьиҮҥ быһыыны кэрэйээччилэрэ суох.
Суорун ОмоллоонБу тугу да билбэт, уу ньуулдьаҕай оҕолор эрэйдээхтэр, араас дьон уодаһыннарыгар киирэн биэриэхтэрэ. Далан Өстөөх билигин да күүстээх. Оттон уодаһына өссө бэргээн турар ДАЛ УуУоО
2 даҕааһын #
суолт. Албын-көлдьүн, кубулҕаттаах, үктэтиилээх
Нууччалыы Отличающийся коварством, склонный к нему
Уодаһын өй. Улуукан кыргыһыы Уотугар буспуттар, Уодаһын фашиһы Умсары уурбуттар. Күннүк Уурастыырап Уордаах илиитэ сылайда, Уодаһын санаата уталыйда. А. Пушкин (тылб.)