Перевод с якутского
уолба
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы низменность или сенокосное угодье, образовавшиеся на месте высохшего или спущенного озера
English subsided
1 аат тыл #
Уолбут эбэтэр хоруллубут күөл оннугар үөскээбит намыһах сир, ходуһа
Нууччалыы Низменность или сенокосное угодье, образовавшиеся на месте высохшего или спущенного озера
Чоноччу уолбут күөллэр уолбаларыттан сытыйбыт уу ыар никсик сыта аҥылыйара. Далан Бу үүнүүлээх уолбаҕа Манчаары уол от охсон куһуйбута. И. Сосин Билигин даҕаны күөлүн уолбата уутуйар, сорох сайыҥҥа элбэх оту оттотор. ГКН КК
2 даҕааһын #
суолт. Уолбут эбэтэр хоруллубут күөл оннугар үөскээбит (хол., ходуһа туһунан)
Нууччалыы Образовавшийся на месте высохшего или спущенного озера (напр., о сенокосном угодьи)
Оччолорго -- дьиэлэриттэн аҕыйах мас хаххалаан турар хоннох уолба сир баарыгар Сахаар оттуура. В. Яковлев Ача күөх отунан саптыммыт кыра-кыра алаастары, уолба уонна тыымпы күөллэри аастар-ааһан истэ. И. Петров Саҥа уолба ходуһалар куурдуллубут сылларын эһиилгиттэн лэбин отунан бүөлүү үүнэллэр. ПАЕ ОС